Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

ЧАСТЬ 8

Иисус олоҕун биэрбитэ эйиэхэ тугу аҕалыан сөбүй?

Иисус олоҕун биэрбитэ эйиэхэ тугу аҕалыан сөбүй?

Иисус биһиги олорорбут туһугар өлбүтэ. Иоанн 3:16

Иегова Иисуһу тилиннэрбитэ. Ол иһин Иисус өлбүтүн кэннэ үс хонон баран дьахталлар кини уҕуоҥар кэлэн көрбүттэрэ, онно кини суох этэ.

Кэлин Иисус бэйэтин апостолларыгар көстүбүтэ.

Иегова Иисуһу модун кыахтаах, өлүүгэ бэриммэт аанньал гынан тилиннэрбитэ. Кини үөрэнээччилэрэ Иисус халлааҥҥа хайдах тахсан барбытын көрбүттэрэ.

Таҥара Иисуһу тилиннэрбитэ уонна кинини Таҥара Баһылыктааһыныгар Ыраахтааҕы быһыытынан туруорбута. Арыллыы 11:15

Иисус киһи-аймаҕы толуйан ылаары бэйэтин олоҕун биэрбитэ (Матфей 20:28). Ол толук көмөтүнэн Таҥара биһиэхэ бараммат олоҕу биэрэр кыахтаах.

Иегова Иисуһу сир үрдүнэн Ыраахтааҕы буоларыгар анаабыта. Кинини кытта халлааҥҥа тахсыбыт 144 000 эрэллээх киһи салайыахтара. Иисус уонна 144 000 киһи ыраахтааҕы буолан халлаантан салайыахтара (Арыллыы 14:1—3).

Таҥара Баһылыктааһына сири ырайга кубулутуоҕа. Сэриилэр, буруйу оҥоруу, дьадаҥы буолуу уонна аччыктааһын диэн аны суох буолуохтара. Дьоннор дьиҥнээхтии дьоллоох буолуохтара (Псалом 144:16).