Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

2 ЫРЫА

Эн аатыҥ — Иегова

Эн аатыҥ — Иегова

(Саалтыыр 82:19)

  1. 1. Сүдү да буоллаҕа

    Айбыт Айааччы аата.

    Үйэлэргэ эн бааргын,

    Иегова Таҥара!

    Элбэх омуктартан

    Таллыҥ бэйэҥ норуоккун.

    Эн ааккын аатырдарга

    Биһиэхэ чиэс биэрдиҥ.

    ХОС ЫРЫАТА

    Иегова, Иегова,

    Эйиэхэ тэҥнээх суох.

    Алгыс буоллун улуу аатыҥ

    Халлааҥҥа да, сиргэ.

    Эн эрэ Модун Күүстээххин

    Бары дьон биллиннэр.

    Иегова, Иегова,

    Тэҥнээх эйиэхэ суох, Аҕаа.

  2. 2. Эн тылгынан бары

    Күн-түүн уларыйабыт,

    Саҥа киһи буолабыт.

    Иегова Таҥара!

    «Мин Туоһуларым» диэн

    Биһигини ааттыыгын,

    Киэн туттабыт, эн ааккын

    Мэлдьи айхаллыыбыт.

    ХОС ЫРЫАТА

    Иегова, Иегова,

    Эйиэхэ тэҥнээх суох.

    Алгыс буоллун улуу аатыҥ

    Халлааҥҥа да, сиргэ.

    Эн эрэ Модун Күүстээххин

    Бары дьон биллиннэр.

    Иегова, Иегова,

    Тэҥнээх эйиэхэ суох, Аҕаа.

(Ону таһынан 2 Лет. 6:14; Саал. 71:19; Ис. 42:8 көрүҥ.)