Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

3 ЫРЫА

Биһиги күүспүт, биһиги эрэлбит

Биһиги күүспүт, биһиги эрэлбит

(Аман өс 14:26)

  1. 1. Оо, Иегова, эн олус күндү

    Бэлэххин, эрэли,

    Дьон бары истэрин гына

    Биһиэхэ биэрбитиҥ.

    Ол эрээри ыарахан олох

    Чаҕылхай эрэлбитин

    Симэлитиэн баҕарардыы

    Араастаан эрэйдиир.

    ХОС ЫРЫАТА

    Эн биһиэхэ дьиҥ күүс, эрэл буолаҕын.

    Барыахтаах суолу ыйаҕын.

    Эйиэхэ бигэ эрэллээх буоламмыт

    Куттал биһиэхэ суох Аҕа.

  2. 2. Өйбүтүн-санаабытын түмэн

    Уоскулаҥна биэриий.

    Оччоҕо эн көмөҕүнэн

    Барытын туоруохпут.

    Эн өйөбүлүҥ, харысхалыҥ

    Ис сүрэхтэн эн ааккын

    Тарҕатарга күүс эбиэҕэ,

    Бөҕөргөтө туруо.

    ХОС ЫРЫАТА

    Эн биһиэхэ дьиҥ күүс, эрэл буолаҕын.

    Барыахтаах суолу ыйаҕын.

    Эйиэхэ бигэ эрэллээх буоламмыт

    Куттал биһиэхэ суох Аҕа.

(Ону таһынан Саал. 71:13, 14; Аман өс 3:5, 6, 26; Иер. 17:7 көрүҥ.)