Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

10 ЫРЫА

Айхаллааҥ Таҥарабытын!

Айхаллааҥ Таҥарабытын!

(Саалтыыр 144:12)

  1. 1. Айхаллааҥ Таҥарабытын!

    Иегованы айхаллааҥ!

    Биллэриҥ кини туһунан,

    Аатын аан дойдуга тарҕатыҥ.

    Истиҥ сүрэхтээх дьоҥҥо суһаллык

    Дьүүл күнэ чугаһын кэпсээҥ.

    Ырай туһунан үтүө сураҕы

    Үллэстиэх хорсуннук бары.

    ХОС ЫРЫАТА

    Айхаллааҥ Таҥарабытын!

    Айхаллааҥ сир ньуурун үрдүнэн!

  2. 2. Айхаллааҥ Таҥарабытын!

    Үөрэн-көтөн ыллааҥ-туойуҥ!

    Ырыаҕа килбиэннээх аатын

    Өрүү уруйдааҥҥыт хоһуйуҥ.

    Айыы Тойоммут улуу эрээри

    Норуотун мэлдьитин истэр,

    Күүстээх тапталлаах, ыраас санаалаах,

    Күүс-көмө биэрэргэ бэлэм.

    ХОС ЫРЫАТА

    Айхаллааҥ Таҥарабытын!

    Айхаллааҥ сир ньуурун үрдүнэн!

(Ону таһынан Саал. 88:28; 104:1; Иер. 33:11 көрүҥ.)