Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

12 ЫРЫА

Улуу Таҥара Иегова

Улуу Таҥара Иегова

(Тахсыы 34:6, 7)

  1. 1. Дьиҥ сөп Иегова, күүстээх Таҥара,

    Үрдүк чиэһи ыларыҥ,

    Албан ааты сүгэриҥ.

    Модун кыахтааххын, дириҥ өйдөөххүн,

    Бааргын үйэ тухары.

  2. 2. Мэлдьи биһиэхэ, мөлтөх дьоннорго,

    Аһынан кыһаллаҕын,

    Үҥэрбитин истэҕин.

    Эн сүбэлиигин, суолу ыйаҕын,

    Наар өйүүргэ бэлэмҥин.

  3. 3. Саамай улахан хайҕал тылларын

    Ылыахтааххын ылаҕын.

    Туругурдун эн аатыҥ!

    Сиргэ баар киһи, халлааҥҥа аанньал

    Айхаллаатын эйигин!