Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

19 ЫРЫА

Айыы Тойон Киэһэтэ

Айыы Тойон Киэһэтэ

(Матфей 26:26—30)

  1. 1. Күндү Аҕабыт Иегова,

    Дьэ, үүннэ улуу, ытык түүн!

    Былыр-былыргыттан муҥура суох кыаххын,

    Өйгүн, тапталгын биллэрэн,

    Бэйэҥ норуоккун быыһаабытыҥ

    Бараан оҕотун хаанынан.

    Христос хаана эмиэ соннук тохтубута

    Суруйууларга баарын курдук.

  2. 2. Килиэп, арыгы санатыаҕа

    Төһө сыана төлөммүтүн,

    Хайдахтаах эрэйи Уолуҥ көрсүбүтүн

    Биһиэхэ олох биэрээри.

    Биһиги махтанан тураммыт

    Дириҥник толкуйдаарыбыт

    Бэйэтин кэрэйбэккэ толук биэрбитин

    Ахтаары-санаары кэллибит.

  3. 3. Истиҥ махталбытын көрдөрөн,

    Улуу тапталгар хардаран,

    Сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран

    Ахтыы Киэһэҕэ кэллибит.

    Күн-түүн Христос көрдөрбүт суолун

    Куруук батыһан сылдьыахпыт.

    Эрэллээхтик салгыы тапталынан сылдьан

    Бараммат олоххо тиксиэхпит.

(Ону таһынан Лука 22:14—20; 1 Кор. 11:23—26 көрүҥ.)