Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

28 ЫРЫА

Иегова доҕоро буол

Иегова доҕоро буол

(Саалтыыр 14)

  1. 1. Аар Тойон Таҥара,

    Ким чугас эйиэхэ?

    Кими күндү доҕор диигиний?

    Ким дьиэҕэр ыалдьытый?

    Оннук киһи өрүү

    Кэс тылгын тутуһар.

    Куһаҕаны абааһы көрөр,

    Суол көнөтүн талар.

  2. 2. Оо, күндү Аҕабар

    Хайдах чугаһыамый?

    Ытык хайаҕар олохсуйан

    Ким дьолун булунуой?

    Маннык киһи куруук

    Күүстээх итэҕэллээх,

    Сиэрдээх, ыраас олоҕу талар,

    Ааккынан киэн туттар.

  3. 3. Эн нарын сыһыаныҥ

    Үтүөҕэ угуйар.

    Эйигин кытта доҕордоһон

    Мэлдьитин олоруом.

    Оо, хайдахтаах курдук

    Эн бигэ тапталыҥ

    Тулхадыйбат бөҕө санааны

    Биһиэхэ үөскэтэр.

(Ону таһынан Саал. 138:1; 1 Петр 5:6, 7 көрүҥ.)