Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

135 ЫРЫА

«Муударай буол» диэн Иегова ис сүрэҕиттэн ыҥырар

«Муударай буол» диэн Иегова ис сүрэҕиттэн ыҥырар

(Аман өс 27:11)

  1. 1. Уолум уонна кыыһым,

    Сүрэххитин биэриҥ.

    Оччоҕо өстөөххө

    Хардарар кыахтаныам,

    Эдэр-сэнэх сааскыт

    Этэҥҥэ ааһыаҕа,

    Аан дойду дьонуттан

    Уратыгыт көстүө.

    ХОС ЫРЫАТА

    Таптыыр уолум, күндү кыысчааным,

    Муударайдык быһыыланан,

    Мин ааппын мэлдьи айхаллыыгыт,

    Миигин дьоллуугут, үөрдэҕит.

  2. 2. Үөрүүгүт үксээтин

    Миэхэ эрэнэҥҥит.

    Санааҕа ылларар,

    Охтор кэмҥитигэр

    Бэлэммин эһиэхэ

    Уоскулаҥ биэрэргэ,

    Өрүүтүн өйүүргэ,

    Таптыырга, өйдүүргэ.

    ХОС ЫРЫАТА

    Таптыыр уолум, күндү кыысчааным,

    Муударайдык быһыыланан,

    Мин ааппын мэлдьи айхаллыыгыт,

    Миигин дьоллуугут, үөрдэҕит.

(Ону таһынан Втор. 6:5; Эккл. 11:9; Ис. 41:13 көрүҥ.)