144 ЫРЫА
Барыта туолуо, ону көрүөҥ!
1. Көрбөттөр көрөр буолуохтара,
Истибэт дьоннор истиэхтэрэ,
Сир оҕо ырыатынан туолуо,
Сиргэ эйэ олохтонуо.
Тиллибит дьоммут үөрдүөхтэрэ,
Бэл өлүү-сүтүү суох буолуоҕа.
ХОС ЫРЫАТА
Барыта туолуо, ону көрүөҥ!
Биэриэ Таҥара — эн эрэн.
2. Бөрөлөөх бараан оонньуу сылдьыа,
Эһэлээх торбос окко сытыа,
Кырачаан оҕо ону көрүө,
Бар дьон иллээхтик олоруо.
Харахпыт уутун Аҕа сотуо,
Ытабыл, ыарыы эмиэ сүтүө.
ХОС ЫРЫАТА
Барыта туолуо, ону көрүөҥ!
Биэриэ Таҥара — эн эрэн.
(Ону таһынан Ис. 11:6—9; 35:5—7; Иоанн 11:24 көрүҥ)