Библия диэн тугуй?
Эһиги санааҕытыгар бу кинигэ...
-
дьон өйө-санаата?
-
номохтор уонна үһүйээннэр?
-
Таҥара Тыла?
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ
«Суруйуулар барылара Таҥара Тыынынан суруллубуттар» (2 Тимофейга 3:16, Саҥа Кэс Тыл).
ЭҺИЭХЭ ОЛ ТУОХ СУОЛТАЛААҔА БУОЛУОЙ
Олоххо үөскүүр ыйытыыларга сөптөөх хоруйу биэрэр (Притчи 2:1—5).
Күннээҕи кыһалҕалары быһаарарга көмөлөһөр (Псалом 118:105).
Инникигэ кэскиллээх олоҕу эрэннэрэр (Римляннарга 15:4).
БИБЛИЯ ЭТЭРИГЭР ИТЭҔЭЙИЭХХЭ СӨП ДУО?
Сөп. Ону итэҕэйэргэ кырата үс биричиинэ баар:
-
Биир санаанан суруллубут. Библияны 40-ча араас киһи 1 600 сыл тухары суруйбуттара. Үксүлэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта хаһан да көрсүбэтэхтэрэ. Ол эрээри бу кинигэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри биир теманы арыйар!
-
История өттүнэн дьиҥнээҕи кэпсиир. Элбэх историктар бэйэлэрин норуоттарын хотторбуттарын туһунан суруйбаттар. Оттон Библияны суруйбут дьоннор, онно холоотоххо, тус бэйэлэрэ уонна биир дойдулаахтара тугу сыыспыттарын туһунан аһаҕастык суруйбуттара (2 Летопись 36:15, 16; Псалом 50:1—4).
-
Чахчы туолбут өтө көрүүлэр. Былыргы Вавилон куорат урусхалланарын туһунан Библия быһа холоон 200 сыл иннинэ өтө көрөн эппитэ (Исаия 13:17—22). Онно Вавилон хайдах эстибитин эрэ туһунан буолбакка, оннооҕор сэриилээн ылбыт ыраахтааҕы аата суруллубута (Исаия 45:1—3).
Ону таһынан Библия элбэх атын өтө көрүүлэрэ ымпыгар-чымпыгар тиийэ туолбуттара. Ама, Таҥара Тылыттан киһи оннугу күүппэтэ буолуо дуо? (2 Петр 1:21).
ТОЛКУЙДААН КӨРҮҤ
Таҥара Тыла эһиги олоххутун хайдах тупсарыан сөбүй?
Библия бу ыйытыыга ИСАИЯ 48:17, 18 уонна 2 ТИМОФЕЙГА 3:16, 17 көмөтүнэн хоруйдуур.