Сүрүн матырыйаалларга көс

Бу аан дойдуну ким тутан олороруй?

Бу аан дойдуну ким тутан олороруй?

Эһиги туох дии саныыгытый?

  • Таҥара.

  • Дьоннор.

  • Ким эрэ атын.

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ

«Аан дойду бүтүннүүтэ хара дьайга хам ылларан сытар» (1 Иоанн 5:19, Саҥа Кэс Тыл).

«Таҥара уола кини [Адьарай] оҥорбутун үрэйэ кэлбитэ» (1 Иоанн 3:8).

ЭҺИЭХЭ ОЛ ТУОХ СУОЛТАЛААҔА БУОЛУОЙ

Бу аан дойдуга олох тоҕо ыараханын өйдүүргэ көмөлөһөр (Арыллыы 12:12).

Биһиги аан дойдубут үчүгэй өттүгэр уларыйыа диэн бигэ эрэли үөскэтэр (1 Иоанн 2:17).

БИБЛИЯ ЭТЭРИГЭР ИТЭҔЭЙИЭХХЭ СӨП ДУО?

Сөп. Ону итэҕэйэргэ кырата үс биричиинэ баар:

  • Сатана салалтата бүтүөҕэ. Иегова киһи-аймаҕы Сатана илиититтэн хайаан да босхолуур санаалаах. Кини Адьарайы суох оҥоруом уонна кини салайыыта туох куһаҕаны аҕалбытын көннөрүөм диэн эрэннэрэр (Еврейдэргэ 2:14).

  • Таҥара аан дойду салайааччытынан Иисус Христоһу анаабыта. Иисус Христос бу аан дойду куһаҕан уонна бэйэмсэх салайааччытыттан олох атын. Иисус салайыытын туһунан Таҥара маннык диир: «Мөлтөҕү, баттаммыты-үктэммити аһыныаҕа... хара батталтан, үтүргэнтэн дууһаларын толуйуоҕа» (Псалом 71:13, 14, Саалтыыр).

  • Таҥара хаһан даҕаны албыннаабат. Библияҕа сурулларынан Таҥара «сымыйаны эппэт» (Титкэ 1:1—4, Саҥа Кэс Тыл). Өскөтүн Иегова тугу эмэ эрэннэрэр буоллаҕына, кини эппитэ хайыы-үйэ туолбутун курдук өйдүөххэ сөп! (Исаия 55:10, 11). «Бу аан дойду баһылыга киэр үүрүллүөҕэ» (Иоанн 12:31).

ТОЛКУЙДААН КӨРҮҤ

Бу аан дойду баһылыгыттан былааһы былдьаатахха олохпут хайдах буолуой?

Библия бу ыйытыыга ПСАЛОМ 36:10, 11 уонна АРЫЛЛЫЫ 21:3, 4 көмөтүнэн хоруйдуур.