Сымыйа итэҕэл суох буолара чугаһаан турар!
Саарыстыба туһунан сурах № 37
Аан дойду үрдүнэн тарҕанар
Сымыйа итэҕэл суох буолара чугаһаан турар!
▪ Сымыйа итэҕэл диэн тугуй?
▪ Кини хайдах бүтэр уһугар тиийиэҕэй?
▪ Ол эһиэхэ тус бэйэҕитигэр туох сыһыаннааҕый?
Сымыйа итэҕэл диэн тугуй?
Итэҕэл туһуттан буруйу оҥорооһун эһигини хомоппот дуо? Таҥараны итэҕэйэбит диир дьон сэриилэргэ уонна терактарга кытталлара, эһиги көнө быһыыгытын утарар буолбатах дуо? Итэҕэл салайааччылара атыыланаллара эһигини өһүргэппэт дуо? Тоҕо үгүс проблемалар итэҕэлтэн сылтаан үөскүүллэрий?
Сокуону кэһии эппиэтинэһэ итэҕэлгэ уопсайынан буолбакка, сымыйа эрэ итэҕэлгэ сытар. Үгүс итэҕэйээччилэргэ дириҥник убаастанар Иисус Христос эппитинэн, сымыйа итэҕэл сытыйбыт мас курдук «куһаҕан аһы биэрэр» (Матфей 7:15—17). Сымыйа итэҕэл хайдах астары биэрэрий?
Сымыйа итэҕэл...
◼ СЭРИИЛЭРГЭ КЫТТАР УОННА ПОЛИТИКАҔА ОРООҺОР. «Бүтүн Азия уонна кини тас өттүгэр, духовнай салайааччылар былаас иһин охсуһууларыгар, кинилэргэ кэлэр дьон сүгүрүйэр баҕаларынан кыбыстыбакка эрэ туһаналлар»,— диэн «Эйшауик» сурунаалга этиллэр. Салгыы онно, бу курдук түмүк оҥоһуллар: «Биһиги аан дойдубут кыра-кыралаан өйүн сүтэрэн иһэр». Биир америкаҕа биллиилээх Таҥара үлэһитэ эппитэ: «Террористар буруйу оҥороллорун тохтотор гына, кинилэри өлөртүөххэ наада». Кини хайдах охсуһар ньымалардааҕый? «Айыы Тойоммут туһугар, кинилэри барыларын дэлби тэптэриҥ!» — диэн кини ыҥырбыта. Онтон Библияҕа төттөрүтүн этиллэр: «„Таҥараны таптыыбын“ диир эрээри, быраатын абааһы көрөр киһи — сымыйаччы» (1 Иоанн 4:20). Ону таһынан, Иисус оннооҕор эппитэ: «Бэйэҕит өстөөхтөргүтүн таптааҥ» (Матфей 5:44). Сэриигэ кыттыспат дьоннордоох, төһө элбэх итэҕэл көстүөй?
◼ СЫМЫЙА ҮӨРЭҔИ ТАРҔАТАР. Үгүс итэҕэл үөрэтэринэн дууһа эбэтэр тыын, киһи өлөрүн саҕана этиттэн тахсан, көстүбэт күүс буолан салҕыы олорор. Ити үөрэҕинэн туһанан үгүс итэҕэллэр кинилэргэ сылдьар дьонтон харчы хомуйан, өлбүттээхтэр дууһаларын туһугар үҥэннэр сытыйа байаллар. Ол гынан баран ити Библия үөрэтиитин утарар. «Айыыны оҥорор дууһа өлүө» (Иезекииль 18:4). «Тыыннаахтар өлөллөрүн билэллэр, оттон өлбүттэр тугу да билбэттэр» (Екклесиаст 9:5). Киһи өлбөт дууһалааҕа эбитэ буоллар, Иисус өлбүттэр тиллэллэрин туһунан үөрэтэрэ туох да суолтата суох буолуо этэ (Иоанн 11:11—25). Эһиги итэҕэлгит, дууһа өлбөт диэн үөрэтэр дуо?
◼ СЕКСУАЛЬНАЙ ТҮКТЭРИ МАЙГЫГА–СИГИЛИГЭ ТУЛУУРДААХТЫК СЫҺЫАННАҺАР. Арҕаа дойдуларга сорох Таҥара дьиэлэригэр гомосексуалистарга уонна лесбиянкаларга духовнай сааны аныыллар, ону таһынан эр киһи эр киһилиин, дьахтар дьахтардыын регистрацияланан холбоһоллоругар правительстваттан көҥүлү ситиһэллэр. Оннооҕор түктэри майгыны–сигилини буруйдуур Таҥара дьиэлэрэ, кинилэр бэйэлэрин аҕабыыттара оҕолору буорту гыналларыгар тулуурдаахтык сыһыаннаһаллар. Оттон Библия туохха үөрэтэрий? Онно чуолкайдык этиллэр: «Бэйэҕитин албыннана барымаҥ: содурдар да, эмэгэккэ сүгүрүйээччилэр да, көрсүүлэһээччилэр да, бэйэ-бэйэлэригэр имэҥирэр түктэри дьалаҥҥа ылларбыт эр дьон да... Таҥара Саарыстыбатыгар тиксибэттэр» (1 Коринфяннарга 6:9, 10). Сексуальнай түктэри майгыны-сигилини көҥүл ыытар итэҕэллэри эһиги билэҕит дуо?
Матфей 7:19, СД). Бу тыллартан көрдөххө сымыйа итэҕэл төрдүттэн түөрүллэн эстиэҕэ! Ол эрээри хаһан уонна хайдах итинник буолуоҕай? Ити боппуруос эппиэтэ Арыллыы диэн Библия кинигэтигэр, 17-с уонна 18-с баһыгар баар.
Сытыйбыт аһы биэрэр итэҕэллэри туох күүтэрий? Иисус сэрэппитэ: «Үчүгэй аһы биэрбэт маһы кэрдэн ылан уокка быраҕаллар» (Сымыйа итэҕэл хайдах бүтэр уһугар тиийиэҕэй?
Санаан көрүҥ: ынырыктаах кыыл көхсүтүгэр содур дьахтар олорор. Бу кыыл сэттэ төбөлөөх уонна уон муостаах (Арыллыы 17:1—4). Бу содур дьахтар кими көрдөрөрүй? Кини «сир ыраахтааҕыларын» үрдүнэн былаастаах. Кини хараҥа кыһыл уонна уот кыһыл күндү таҥастаах, фимиамы туттар уонна баайга тимирэр. Ол үрдүнэн бэйэтин спиритизмынан «норуоттары барытын албыҥҥа киллэрэр» (Арыллыы 17:18; 18:12, 13, 23). Библия биһиэхэ, бу содур дьахтар — аан дойду үрдүнэн баар сымыйа итэҕэл империята буоларын өйдүүрбүтүгэр көмөлөһөр. Кини ханнык эрэ биир итэҕэли буолбакка, сытыйбыт аһы биэрэр итэҕэллэри барыларын көрдөрөр.
Содур дьахтар олорсо сылдьар кыыла, политическай империя бэйэтинэн буолар * (Арыллыы 17:10—13). Сымыйа итэҕэл бу политическай кыыл үрдүгэр, кини быһаарыныыларыгар дьайаары уонна кинини бэйэтин былааһыгар бас бэриннэрэ сатаан дьоһуннаахтык олорор.
Ол да буоллар дьикти уларыйыылар буолаары тураллар. Библияҕа этиллэр: «Кыыл төбөтүгэр көрбүт уон муоһуҥ ити содур дьахтары абааһы көрөн туруохтара, барытын бары кураанахтаан-эһэн баран бэйэтин сыгынньах хаалларыахтара, итиэннэ этин-сиинин мэҥиэстэн баран, уокка уматыахтара» (Арыллыы 17:16). Бу аан дойду правительстволара аһыныгаһа суохтук сымыйа итэҕэлгэ эмискэ саба түһүөхтэрэ уонна туоҕа да ордубат гына урусхаллыахтара! Оннук быһыыланарга кинилэри туох көҕүтүөй? Библия, Арыллыы кинигэтигэр этиллэр: «Таҥара Бэйэтин көҥүлүн толортороору, кинилэргэ итинник биир өйү-санааны үөскэтиэҕэ» (Арыллыы 17:17). Көстөрүн курдук Таҥара сымыйа итэҕэли, кини аатыттан оҥорбут туох баар буруйдарын иһин эппиэккэ тардыаҕа. Таҥара мэлдьи кырдьыгынан эрэ быһыыланар буолан, бэйэтин уурааҕын толороругар кини политическай көрсүүлэһээччилэрин туһаныаҕа.
Өскөтүн эһиги сымыйа итэҕэл ыйааҕын үллэстиэххитин баҕарбат буоллаххытына, тус бэйэҕит тугу гынаргыт нааданый? «Мин норуотум, киниттэн таҕыс!»,— диэн Таҥара илдьитэ ыҥырар (Арыллыы 18:4, СД). Билигин сымыйа итэҕэлтэн тахсарга, саамай сөптөөх кэм! Ол гынан баран хахханы хантан булуохха сөбүй? Баҕар, атеизмы ылынарбыт дуу? Ол эрээри кини эмиэ кэлэр кэскилэ суох (2 Фессалоникиецтарга 1:6—9). Дьиҥнээх хахханнан дьиҥнээх эрэ итэҕэл буолуон сөп. Кинини хайдах билиэххэ сөбүй?
Дьиҥнээх итэҕэли хайдах гынан билиэххэ сөбүй
Дьиҥнээх итэҕэл ханнык үчүгэй астары биэриэхтээҕий? (Матфей 7:17).
Дьиҥнээх итэҕэл...
◼ ТАПТАЛЫ КӨРДӨРӨР. Дьиҥнээх Таҥара сулууспалааччылара бу «аан дойдуттан буолбатахтар». Кинилэри омукка арахсааһыннар уонна расовай мэһэйдэр араарбаттар. Кинилэр ыккардыларыгар таптал баар буолар (Иоанн 13:35; 17:16, СД; Апостоллар 10:34, 35). Кинилэр биир итэҕэллээхтэрин хаһан даҕаны өлөрө барыахтара суоҕа,— ол оннугар кинилэр тустарыгар бэйэлэрин олохторун биэрэргэ бэлэмнэр (1 Иоанн 3:16).
◼ ТАҤАРА ТЫЛЫГАР ИТЭҔЭЙЭР. Дьиҥнээх итэҕэл «үгэстэргэ» уонна «дьон ыйыытыгар-кэрдиитигэр» үөрэппэт — кини үөрэтиитэ барыта Таҥара Тылыгар, Библияҕа олоҕурар (Матфей 15:6—9). Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ «Суруйуулар барылара Таҥара Тыынынан [этэн биэрбитинэн] суруллубут буоланнар, киһини үөрэтэргэ, аньыытын ыйарга, көннөрөргө, кырдьыктаах олоххо түстүүргэ туһалаахтар» (2 Тимофейга 3:16).
◼ ДЬИЭ КЭРГЭН ОЛОҔУН КЫТААТЫННАРАР УОННА МАЙГЫ-СИГИЛИ ҮРДҮК НУОРМАЛАРЫН ТУТУҺАР. Дьиҥнээх итэҕэл эр дьоннору «ойохторун, бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин курдук таптыылларыгар» көҕүтэр, ойохторго «эрдэрин дириҥник убаастыы» үөрэнэргэ көмөлөһөр, оттон оҕолору төрөппүттэргэ бас бэринэр гына иитэр (Ефесяннарга 5:28, 33; 6:1). Ону таһынан, кимиэхэ эмэ былаас бэриллибит буоллаҕына, кини бэйэтэ майгы-сигили өттүнэн холобур буолуохтаах (1 Тимофейга 3:1—10).
Ити ирдэбиллэргэ ханнык эмэ итэҕэл сөп түбэһэр дуо? «Холокост политиката» диэн 2001 сыллаахха тахсыбыт кинигэҕэ этиллэр: «Өскөтүн төһөннөн элбэх киһи Иегова Туоһуларын курдук олороллоро, уонна кинилэр тарҕатар үөрэхтэрин итэҕэйэллэрэ эбитэ буоллар, арааһа аан дойду Холокостка буолбуту көҥүллүө суоҕа этэ уонна киһи аймахха геноцид хаһан даҕаны кутталы үөскэтиэ суоҕа этэ» (Holocaust Politics).
Иегова Туоһулара Библия принциптарын туһунан 235 дойдуга уонна территорияларга тарҕатар эрэ буолбатахтар, уонна ону бэйэлэрэ эмиэ тутуһаллар. Эһиги Таҥара туох ирдэбиллээҕин билэргитигэр уонна кини санаатын таба үөрэнэргитигэр, биһиги Иегова Туоһуларыттан көрдөһөргүтүгэр күһэйэбит. Билигин быһаарынар кэм. Бытаарар табыллыбат. Сымыйа итэҕэл бүтэр уһугар тиийэрэ чугаһаан турар! (Софония 2:2, 3).
Өскөтүн эһиги Иегова Туоһулара кэпсиир, Библияҕа баар сурах туһунан элбэҕи билиэххитин баҕарар буоллаххытына, ыйыллыбыт аадырыстартан бииригэр суруйуҥ.
□ Мин «Таҥара — биһигиттэн тугу ирдиирий?» диэн брошюраны ылыахпын баҕарабын.
□ Мин дьиэҕэ босхо ыытыллар Библия үөрэтиитин интириэһиргиибин.
[Сноска]
^ Ити боппуруос сиһилии быһаарыллыытын Иегова Туоһулара таһаарбыт «Арыллыы: кини сүҥкэннээх өрөгөйө чугас!» диэн кинигэттэн булуохха сөп.
[Вставка, страница 3]
Сымыйа итэҕэл «сир ыраахтааҕыларын» үрдүнэн былаастаах
[Вставка, страница 3]
«Мин норуотум, киниттэн таҕыс!»