Сүрүн матырыйаалларга көс

Таҥара Саарыстыбата диэн тугуй?

Таҥара Саарыстыбата диэн тугуй?

Ол...

  • сүрэх туруга?

  • халлааннааҕы олох?

  • халлааҥҥа баар салалта?

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ

«Халлааннааҕы Таҥара хаһан даҕаны урусхалламмат саарыстыбаны туруоруоҕа» (Даниил 2:44, Саҥа аан дойду тылбааһа).

«Биһиэхэ уол оҕо бэлэхтэннэ. Кини санныгар кинээс салайыыта сүктэриллиэҕэ» (Исаия 9:6).

ЭЙИЭХЭ ОЛ ТУОХ СУОЛТАЛААХ БУОЛУОЙ

  • Эн олоххун тупсарар сөптөөхтүк салайар салалта (Исаия 48:17, 18).

  • Кэлэр саҥа аан дойдуга чэгиэн доруобуйа уонна дьоллоох олох (Арыллыы 21:3, 4).

БИБЛИЯ ЭТЭРИН ИТЭҔЭЙИЭХХЭ СӨП ДУО?

Сөп. Ону итэҕэйэргэ кырата икки биричиинэ баар:

  • Саарыстыба дьоннорго тугу оҥоруохтааҕын Иисус Христос көрдөрбүтэ. Иисус бэйэтин үөрэнээччилэрин Таҥара Саарыстыбата кэлэрин уонна сиргэ Таҥара көҥүлэ туоларын гына үҥэллэригэр үөрэппитэ (Матфей 6:9, 10). Иисус бу Саарыстыба Салайааччыта буолуохтааҕын быһыытынан, ити көрдөһүү хайдах туолуохтааҕын үчүгэйдик көрдөрбүтэ.

    Иисус сиргэ олоро сылдьан аччыктары аһатара, ыалдьыбыттары үтүөрдэрэ уонна оннооҕор өлбүттэри тилиннэрэрэ! (Матфей 15:29—38; Иоанн 11:38—44). Ол Таҥара Саарыстыбата салайан саҕалаатаҕына хайдахтаах үчүгэй олох күүтэрин эрдэттэн көрдөрбүтэ (Арыллыы 11:15).

  • Таҥара Саарыстыбата чугаһаабытын аан дойду үрдүнэн туох буола турара көрдөрөр. Саарыстыба сиргэ эйэлээх олоҕу оҥоруон иннинэ киһи-аймах сэрииттэн, аччыктааһынтан уонна сир хамсааһыныттан эрэйдэниэ диэн Иисус эрдэттэн эппитэ (Матфей 24:3, 7).

    Чахчы даҕаны биһиги ол кэмҥэ олоробут. Ол иһин, Таҥара Саарыстыбата бу аан дойдуга туох баар проблеманы барытын быһаарыа диэн саарбаҕалаабаппыт.

ТОЛКУЙДААН КӨР

Таҥара Саарыстыбата салайдаҕына хайдах олох кэлиэй?

Библия бу ыйытыыга СААЛТЫЫР 36:29 уонна ИСАИЯ 65:21—23 көмөтүнэн хоруйдуур.