Эйэлээх олох саҥа аан дойдуга
Эйэлээх олох саҥа аан дойдуга
Хайдах санаа кэлэрий эһиэхэ, бу трактат тас өттүгэр ойууламмыт хартыынатын көрдөххүтүнэ? Эһиги сүрэххит таласпат дуо манна ойууламмыт эйэни, дьолу, уонна үтүө туругу? Биллэн турар, талаһар. Ол эрээри маннык усулуобуйалар хаһан эмэ сиргэ баар буолуохтара дьиэн итэҕэйиэҕи боруоста баҕа санаа эбэтэр өйтөн оҥоруу буолбатах үһү дуо?
Дьон үгүстэрэ, оннук толкуйдуон сөп. Бүгүҥҥү баар чахчылар-ити сэриилэр, буруйу оҥоруулар, аччыктааһын, ыарыылар, кырдьааһын — өскөтүн санаттахха нэһиинччэ сорохторо эрэ кинилэртэн. Ол да буоллар эрэлгэ биричиинэ баар. Кэлэр кэми көрөн туран, Библийэ этэр: «Биһиги [Таҥара] эрэннэрэринэн күүтэбит саҥа халлааны уонна саҥа сири, ханна кырдьык баар буоларыгар» (2 Петра 3:13; Исаия 65:17).
Библийэннэн ити «саҥа халлаан» — уонна ити «саҥа сир» — саҥа вещественнэй халлаан эбэтэр саҥа буквальнай сир буолбатах. Физическэй сир уонна физическэй халлаан тупсаҕай быһыылаахтык айыллан оҥоһуллубуттара уонна Библийэ көрдөрөрүнэн кинилэр үйэ тухары хаалыахтара (Псалом 88:37, 38; 103:5). «Саҥа сир» Таҥараны истэн олорор, дьон обществатыттан туруоҕа, онтон «саҥа халлаанынан» буолуоҕа тупсаҕай быһыылаах халлааҥҥа баар Саарыстыба эбэтэр провительства кини бу сиргэ баар дьон обществатынан салайыаҕа. Ол эрээри толкуйдаан көрдөххө, маннык «саҥа сир» эбэтэр дьикти кэри саҥа аан дойду чахчы кыаллыа дуо?
Санаан көрүҥ ол чахчыны, маннык идиальнай усулуобуйалар биһиги сирбитигэр биирдэстэрэ этэ Таҥара бастакы былааннарыттан. Кини бастакы дьонтон турар паараны сиргэ баар едемскэй ырайга олордубута уонна кинилэргэ дьикти үчүгэй сорудах биэрбитэ: «Төрөөҥ үөскээҥ сири толоруҥ уонна кинини бас билиҥ» (Бытие 1:28). Сөп, Таҥара былаанынан бу бастакы пааралар оҕолордоох буолуохтаах этилэр уонна кэмниэ-кэнэҕэс бу ырайдарын бүтүн сир үрдүнэн тарҕатыахтаах этилэр. Төһө да кинилэр кэлин Таҥараны истибэттии быһаарыммыттарын уонна ол курдук өлбөккө олорор холооннорун сүтэрбиттэрин үрдүнэн, Таҥара бастакы былаана уларыйбатаҕа. Уонна кини хайаан да саҥа аан дойдуга туолуоҕа! (Исаия 55:11).
Дьиҥинэн, Эһиги үҥэн көрдөһөргүтүгэр, халлааҥҥа баар «Биһиги Аҕабыт», Эн Саарыстыбаҥ кэллин сир үрдүнэн, Эһиги көрдөһөҕүт Кини халлааҥҥа баар провительствота сири куһаҕантан босхолууругар уонна бу саҥа аан дойдутунан салайарыгар (Маппыайтан 6:9). Уонна биһиги эрэниэхпитин сөп, Таҥара бу көрдөһүүгэ эппиэттиэҕэ дьиэн, ол иһин Кини Тыла эрэннэрэр: «Таҥараҕа бэриниилээх дьоннор нэһилиэстибэ сири ылыахтара, уонна киниэхэ мэлдьи олоруохтара» дьиэн (Псалом 36:29).
Олох Таҥара саҥа аан дойдутугар
Таҥара Саарыстыбата сиргэ тэҥэ суох олох уйгуларын аҕалыаҕа, Били Таҥара маҥнай оҥоруох буолбут үтүөтүн барытын оҥоруоҕа, Кини айыыта сиргэ астына дуоһуйа олороллоругар. Олох суох буолуохтара өстөһүү уонна итэҕэл хаалынньаҥ үгэстэрэ, уонна кэмниэ-кэнэҕэс хас биирдии киһи атын киһиэхэ дьиҥнээх доҕоро буолуоҕа. Библийэҕэ эрэннэрэринэн, Таҥара «аан дойду урдүнэн сэриилэри суох оҥоруоҕа». «Норуот норуокка кылыһын көтөҕүө суоҕа, уонна хаһан да сэриилэһэ үөрэниэхтэрэ суоҕа» (Псалом 45:10; Исаия 2:4).
Кэмниэ-кэнэҕэс, сир барыта садка майгынныыр дьикти үчүгэй ырайга кубулуйуоҕа. Библийэ этэр: «Үөрбүт-көппүт быһыыланыаҕа кумах куйаар уонна кураанах сир, үөрүө-көтүө киһитэ-сүөһүтэ суох иччитэх дойду, уонна дьикти кэрэ сибэкки курдук чэлгийиэҕэ. ...Уу тоҕо анньан киириэҕэ кумах куйаарга уонна кураанах сиргэ уу сүүрүүктэрэ. Уонна санааҕа эрэ баар курдук уу көстүүлэрэ күөлгэ кубулуйуохтара, утаппыт сир — уу төрүттэригэр» (Исаия 35:1, 6, 7).
Ырай олоҕор дьоллоох буоларга бары дьоһуннаах биричиинэ барыта баар буолуоҕа. Дьоннор уонна хаһан да аһылык Псалом 66:7; 71:16). Бары бэйэлэрин үлэлэрин түмүгүнэн астынар-дуоһуйар буолуохтара, ол иһин биһиги Айааччыбыт эрэннэрэр: «Виноград мастарын олордуохтара уонна кинилэр астарын сиэхтэрэ. ...Олордуохтара суоҕа атын сиирин наадатыгар» (Исаия 65:21, 22).
тиийбэтиттэн аччыктыахтара суоҕа. «Сир бэйэтин аһылыгын биэрдэ»,— дьэнэр Библийэҕэ (Таҥара саҥа аан дойдутугар дьоннор ол кэннэ хойуутук тутуллубут улахан эбэтэр эргэрбит дьиэлэргэ олоруохтара суоҕа, ол иһин Таҥара былаана манныгы этэр: «Уонна дьиэлэри туттаннар кинилэргэ олоруохтара... Тутуохтара суоҕа, атын олорорун наадатыгар». Библийэ эмиэ ити курдук эрэннэрэр: «Туһата суох үлэлиэхтэрэ суоҕа» (Исаия 65:21—23). Ол курдук дьоннор астынар-дуоһуйар таһаарыылаах үлэлээх буолуохтара. Олох чуҥкук буолуо суоҕа.
Бэйэтин кэмигэр Таҥара Саарыстыбата оннооҕор эрдэ едемскэй ырайга баар эйэлээх сыһыаннары чөлүгэр түһэриэҕэ, кыыллар икки ардыларыгар уонна кыллар икки дьоннор икки ардыларыгар. Библийэ этэр: «Ол кэмҥэ бөрө бараан оҕотун кытта бииргэ олоруоҕа, уонна куоскатыҥыларга киирэр бөдөҥ адьырҕа кыыл козел оҕотун кытта бииргэ сытыахтара; уонна тэрбийэх, хахай оҕото, уонна оҕус бииргэ сылдьыахтара, уонна кинилэри кыра оҕо бас билиэҕэ» (Исаия 11:6—9; Осия 2:18).
Санаан эрэ көрүҥ бэйэҕэтигэр: Ырай олоҕор сиргэ эмиэ ити курдук бары ыарыылар уонна физическэй мөлтөөһүннэр эмтэниэхтэрэ. Таҥара Тыла биһигини эрэннэрэр: «Уонна олохтоохтортон биир да этиэ суоҕа: „мин ыарыйдым“» (Исаия 33:24). «Арааһынай харах ууларын Таҥара кинилэртэн сотуоҕа, уонна өлүү дьиэн суох буолуоҕа, ытааһын да, уонна кыланан ытааһын да, ыарыы да хайыы — үйэ суох буолуоҕа; быһыытынан урукку ааста» (Откровение 21:4).
Хайдах бу эһиэхэ кыаллыаҕай
Таҥара эрэннэрэр дьикти-кэрэ аан дойдутааҕы олоҕо биллэн турар эһиги сүрэххитин долгутта. Буолан баран сорох дьоннор толкуйдуохтарын сөп, маннык олох уйгулара олус үчүгэйдэрэ бэрт, киһи даҕаны итэҕэйиэ суоҕун курдук, ол гынан баран төһө да буоллар маннык олох уйгулара кыаллыахтарын сөп, тоҕо дьиэтэххэ кинилэр биһигини таптыыр Айааччыбытыттан кэлиэхтэрэ (Псалом 144:16; Михей 4:4).
Кэлэн иһэр ырай сиригэр өлбөккө олоруохпутун баҕарар буоллахпытына биллэн турар тустаах ирдэбилгэ эппиэттиэхпитин наада. Иисус, Таҥараҕа үҥэн кордөһөрүгэр, биир кылаабынай тустаах ирдэбили көрдөрбүтэ: «Бу бараммат олох буолар: Эйиигин соҕотох кырдьык Таҥараны уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун биллиннэр» (Иоаннтан 17:3).
Өскөтүн биһиги, онон буоллаҕына, Таҥара саҥа аан дойдутугар кырдьык олоруохпутун баҕарар буоллахпытына, маҥнай биһиги Таҥара сокуонун кытта билсиһиэхпитин уонна ол кэнниттэн кинини толоруохпутун наада. Бу баар факт, бу «аан дойду, уонна кини куһаҕан санаата ааһара, онтон Таҥара сокуонун толорооччу мэлдьи олоруоҕа», Биһигини таптыыр Айааччыбытыттан кэлэр олох уйгутугар мэлдьи астынар-дуоһуйар наадатыттан (1 Иоанна 2:17).
Библиэйскэй цитаталар Синадальнай бөрөбүөт Библийэтиттэн ылылыннылар. Маппыай уонна Иоанн кинигэлэрэ Казань 1898, Евангелиятыттан ылылыннылар.