Эн кырдьыгы билиэххин баҕараҕын дуо?
ТУОХ туһунан кырдьыгы? Дьоннор уруккуттан билэ сатыыр, сорох ыйытыыларын туһунан. Баҕар маннык ыйытыылар тустарынан толкуйдуу сылдьыбытыҥ буолуо:
-
Биһиги туспутунан кыһаллар айбыт Айааччы баара буолуо дуо?
-
Сэриилэр уонна эрэйдэнээһин хаһан эмэ бүтүөхтэрэ дуо?
-
Өлбүт киһини туох күүтэрий?
-
Өлбүт дьоннорго туох эрэл баарый?
-
Таҥара истэрин наадатыгар биһиги хайдах үҥүөхтээхпитий?
-
Олоххо дьолу хайдах булуохха сөбүй?
Эн санааҕар ити ыйытыылар хоруйдарын хантан булуохха сөбүй? Өскөтүн эн дьонтон ыйыттаххына, кинилэр атын-атын санаалаахтарын билиэҥ. Ону таһынан эн кинигэ маҕаһыыныгар уонна библиотекаҕа сылдьаҥҥын тыһынчаннан кинигэлэри көрбүтүҥ буолуо. Ол кинигэлэр бу ыйытыыларга хоруйдуур курдуктар. Ол эрээри ити кинигэлэр үксүгэр бэйэ-бэйэлэрин утараллар. Сорох кинигэлэр сөп курдук эрээри бириэмэ аастаҕына эргэрэллэр, ол иһин кинилэри саҥаттан таһаараллар эбэтэр атыны суруйаллар.
Ол эрээри киһи итэҕэйиэн сөптөөх биир кинигэтэ баар. Ол кинигэҕэ кырдьык суруллар. Иисус Христос Таҥараҕа үҥэригэр эппитэ: «Эн тылыҥ дьиҥ кырдьыктаах» (Иоанн 17:17). Бүгүн Таҥара Тыла Библия диэн ааттанар. Эн бу буклеттан кылгас, ол гынан баран чэпчэкитик өйдөнөр, дьиҥнээххэ олоҕурар хоруйдары Таҥара Тылыттан билиэҥ.
Биһиги туспутунан кыһаллар айбыт Айааччы баара буолуо дуо?
ИТИННИК ЫЙЫТЫЫ ТОҔО ҮӨСКҮҮРҮЙ. Эволюцияны дьиҥ-чахчы курдук үөрэтэллэр. Өскөтүн Таҥара дьиҥнээхтии баар буоллаҕына, кини бүгүн аан дойду үрдүнэн баар атаҕастааһынтан уонна хаҕыс майгылаах быһыыттан тоҕо босхолооботуй диэн үгүс дьоннор мунаарымсыйаллар.
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Биһиги тулабытыгар Айааччы баарын дакаастабыла элбэх. «Аан дойду айыллыаҕыттан ыла Кини харахха көстүбэт өрүттэрэ: үйэлэргэ уҕараабат күүһэ-күдэҕэ, Таҥара айылҕата — Кини айбытын барытын сыныйан көрдөххө-иһиттэххэ, ырылыччы көстөн турар» диэн Римляннарга 1:20 суруллар. Биһиги тыыннаах харамайдары чинчийэн көрдөхпүтүнэ, кинилэр уустук оҥоһуулара Айааччы баарын дакаастыыллар. Ити Айааччы биһиги туспутунан кыһаллар. Библия этэринэн Таҥара биһиэхэ кэлэр өттүгэр олус кэрэ олоҕу бэлэмнээбит. Ол иһин Иисус үҥэргэ үөрэппитэ: «Халлааннааҕы Аҕабыт... Эн Саарыстыбаҥ кэлиэхтин. Халлааҥҥа курдук, сиргэ эмиэ барыта Эн көҥүлүҥ хоту буолуохтун» (Матфей 6:9, 10). Таҥара биһигини күүскэ таптыыр буолан, бэйэтин санаатын толороору улахан сиэртибэҕэ барбыта (Иоанн 3:16).
Ону таһынан Бытие 1:26—28; Иаков 1:13; уонна 1 Петр 5:6, 7 көр.
Сэриилэр уонна эрэйдэнээһин хаһан эмэ бүтүөхтэрэ дуо?
ИТИННИК ЫЙЫТЫЫ ТОҔО ҮӨСКҮҮРҮЙ. Сэриилэр үгүс элбэх киһи олоҕун илдьэ бараллар. Биһиги эбэтэр биһиги чугас дьоммут бары эрэй диэни билэбит.
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Таҥара сиргэ эйэлээх олоҕу оҥорор бириэмэм кэлиэ диэн этэр. Таҥара сир үрдүнэн салайан саҕалаатаҕына, дьоннор «аны сэриилэһэ үөрэниэхтэрэ суоҕа». Кинилэр «бэйэлэрин батастарын саҥаттан таптайан булуук уллуҥаҕар кубулутуохтара» (Исаия 2:4). Таҥара туох баар баттабылы уонна эрэйдэниини суох оҥоруоҕа. Библия эрэннэрэр: «[Таҥара] харахтарын уутун хас биирдии таммаҕын сотуоҕа, өлүү-сүтүү диэн аны суох буолуоҕа; энэлгэн, ытабыл-соҥобул, ыарыы эмиэ сүтүөҕэ. Урукку барыта [ону тэҥэ баттабыл уонна эрэйдэнии] ааста» (Арыллыы 21:3, 4).
Ону таһынан көр Псалом 37:10, 11; 46:9 уонна Михей 4:1—4.
Өлбүт киһини туох күүтэрий?
ИТИННИК ЫЙЫТЫЫ ТОҔО ҮӨСКҮҮРҮЙ. Итэҕэл үгүс өттө, киһи өлбүтүн кэннэ дууһата салгыы олорор диэн үөрэтэр. Сорох дьон итэҕэйэринэн, өлбүт дьоннор тыыннахтарга куһаҕаны оҥоруохтарын сөп уонна Таҥара аньыыны оҥорор дьону аатка ыытан үйэлэр тухары эрэйдиир.
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Өлбүт дьоннор тыыннаах буолбатахтар ол иһин кинилэр истибэттэр, көрбөттөр, саҥарбаттар уонна толкуйдаабаттар. «Өлбүттэр тугу да билбэттэр»,— диэн Экклезиаст 9:5 суруллар. Өлбүттэр тугу да билбэт, көрбөт буоланнар, кинилэр тыыннаахтарга үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорор кыахтара суох (Псалом 146:3, 4).
Ону таһынан көр Бытие 3:19 уонна Экклезиаст 9:6, 10.
Өлбүт дьоннорго туох эрэл баарый?
ИТИННИК ЫЙЫТЫЫ ТОҔО ҮӨСКҮҮРҮЙ. Биһиги бары таптыыр чугас дьоммутун кытта үөрэ-көтө олоруохпутун баҕарабыт. Биһиги сүтэрбит чугас дьоммутун биллэн турар, саҥаттан көрсөр баҕалаахпыт.
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Өлбүттэр үксүлэрэ тиллиэхтэрэ. Иисус «хоруопка сытааччылар бука бары... тахсан кэлиэхтэрэ» диэн эппитэ (Иоанн 5:28, 29). Таҥара хара маҥнайгыттан тугу оҥоро санаммытын курдук, тиллибит дьоннор ырай сиригэр олорор кыахтаныахтара (Лука 23:43). Ону таһынан Таҥараҕа бэриниилээх дьоннор туох да эҥкилэ суох доруобуйаны уонна үйэлэр тухары олорор олоҕу ылыахтара. Библияҕа «Кырдьык суолу тутуһааччылар сири баһылыахтара уонна онно үйэлэр тухары олоруохтара» диэн этиллэр (Псалом 37:29).
Ону таһынан Иов 14:14, 15; Лука 7:11—17 уонна Апостоллар 24:15 көрүҥ.
Таҥара истэрин наадатыгар биһиги хайдах үҥүөхтээхпитий?
ИТИННИК ЫЙЫТЫЫ ТОҔО ҮӨСКҮҮРҮЙ. Араас итэҕэл дьоно бары кэриэтэ үҥэллэр. Ол эрээри үгүстэр саныылларынан, кинилэр тугу көрдөспүттэрэ туолбат курдук.
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Иисус биһиги хайдах үҥүөхтээхпитин көрдөрөрүгэр, биир тылы хос-хос хатылаамаҥ диэн үөрэппитэ. Кини «үҥэргитигэр... ордук-хоһу саҥарымаҥ» диэн эппитэ (Матфей 6:7). Өскөтүн Таҥара биһиги үҥэрбитин истэрин баҕарар буоллахпытына, кини хайдах сөп диирин курдук үҥүөххэ наада. Ол аата Таҥара көҥүлүгэр туох киирэрин билэн баран, ол курдук үҥүөхтээхпит. 1 Иоанн 5:14 маннык диэн суруллар: «Таҥара көҥүлүн хоту тугу да көрдөстөхпүтүнэ, Кини биһигини истэригэр бигэ эрэллээхпит».
Ону таһынан Псалом 65:2; Иоанн 14:6, 14 уонна 1 Иоанн 3:22 көр.
Олоххо дьолу хайдах булуохха сөбүй?
ИТИННИК ЫЙЫТЫЫ ТОҔО ҮӨСКҮҮРҮЙ. Үгүс дьон итэҕэйэринэн, дьоллоох буолуу харчыттан, аатырыыттан эбэтэр кыраһыабай тас көрүҥтэн тутулуктаах. Кинилэр итини барытын туох баар күүстэринэн ыла сатыыллар, ол эрээри дьолу син биир булбаттар.
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Иисус дьиҥнээх дьол туохтан тутулуктааҕын көрдөрбүтэ. Кини эппитэ: «Таҥара иннигэр дьадаҥыларын өйдөөччүлэр алгыстаахтар» (Матфей 5:3). Өскөтүн биһиги саамай улахан наадыйыыбытын — Таҥара туһунан кырдьыгы уонна кини биһигини туохха анаан айбытын билэр баҕабытын толорор эрэ буоллахпытына дьиҥнээх дьолу булуохпутун сөп. Ол кырдьык Библияҕа баар. Биһиги ону билэр буоллахпытына, олоххо дьиҥнээхтии туох наадатын, уонна туох наадата суоҕун өйдүөхпүт. Өскөтүн быһаарыныы ылынарбытыгар уонна быһыыбытыгар-майгыбытыгар Библия этэринэн салайтарар буоллахпытына, биһиги олохпутугар ордук дьоллоох буолуохпут (Лука 11:28).
Ону таһынан Притчи 3:5, 6, 13—18 уонна 1 Тимофею 6:9, 10 көр.
Биһиги Библияттан алта эрэ ыйытыы хоруйун кылгастык көрдүбүт. Эн элбэҕи билиэххин баҕараҕын дуо? Өскөтүн эн эмиэ Таҥара туһунан билии ылар наадатын өйдүүр буоллаххына, биллэн турар баҕараҕын. Баҕар эн ыйытарыҥ буолуо: «Таҥара биһиги туспутунан кыһаллар буоллаҕына, эрэйи-муҥу уонна куһаҕаны тоҕо көҥүллүүрүй? Дьиэ кэргэн олоҕор дьолу хайдах булуохха сөбүй?». Библия ити уонна да атын ыйытыыларга толору, сөптөөх хоруйдары биэрэр.
Ол гынан баран бүгүн үгүстэр Библияны улахаҥҥа уурбаттар. Кинилэр харахтарыгар ити олус улахан уонна ыараханнык өйдөнөр кинигэ. Эн ыйытыылар хоруйдарын Библияттан билэргэр көмөлөһөллөрүн баҕараҕын дуо? Иегова Туоһулара көмөлөһөргө икки ньыманы туһаналлар.
Бастакыннан, «Таҥара биһигиттэн тугу ирдиирий?» диэн брошюра буолар. Бу брошюра Библияттан улахан суолталаах ыйытыылар хоруйдарын буларга көмөлөһөр. Иккиһинэн, Библияны дьиэҕэ босхо үөрэтии буолар. Эһиги аттыгытыгар олорор Иегова Туоһулара хас нэдиэлэ аайы дьиэҕитигэр кэлэн эбэтэр атын сиргэ кыралаан Библияны ырытыахтарын сөп. Аан дойду үрдүнэн мөлүйүөнүнэн дьоҥҥо ити курдук үөрэтии туһаны аҕалар. «Мин кырдьыгы буллум!» диэн кинилэр үгүстэрэ саарбаҕалааһына суох этиэхтэрин сөп.
Бу тугу да кытта тэҥнэспэт күндү баай. Библияҕа баар кырдьык бэлиэлэргэ итэҕэйээһинтэн, саарбаҕалааһынтан уонна ыар санааттан босхолуур. Ону таһынан үөрүүнү, эрэли уонна олоххо дьулуурдаах буолууну биэрэр. «Эһиги кырдьыгы билиэххит, оччоҕо кырдьык эһигини босхолуо» диэн Иисус эппитэ (Иоанн 8:32).