Сүрүн матырыйаалларга көс

Өлбүттэр саҥаттан олорор кыахтаныахтара дуо?

Өлбүттэр саҥаттан олорор кыахтаныахтара дуо?

Эһиги туох дии саныыгытый?

  • Кыахтаныахтара.

  • Суох.

  • Баҕар.

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ

«Бары тиллиэхтэрэ» (Апостоллар 24:15, Саҥа Кэс Тыл).

ЭҺИЭХЭ ОЛ ТУОХ СУОЛТАЛААҔА БУОЛУОЙ

Чугас дьоҥҥутун сүтэрдэххитинэ уоскулаҥы буларга көмөлөһөр (2 Коринфяннарга 1:3, 4).

Өлөртөн аһары улаханнык куттанартан босхолуур (Еврейдэргэ 2:15).

Күндүтүк саныыр өлбүт дьоммутун саҥаттан көрсөргө дьиҥнээх эрэли биэрэр (Иоанн 5:28, 29).

БИБЛИЯ ЭТЭРИГЭР ИТЭҔЭЙИЭХХЭ СӨП ДУО?

Сөп. Ону итэҕэйэргэ кырата үс биричиинэ баар:

  • Таҥара олоҕу тыынар тыыннаахха барытыгар биэрбитэ. Библия Иегова Таҥараны «олох төрдө» диэн ааттыыр (Псалом 35:10, Саалтыыр; Апостоллар 17:24, 25). Тугу барытын айбыт Айааччы, биллэн турар, өлбүттэри тилиннэрэр кыахтаах.

  • Таҥара урут дьоннору тилиннэрэр этэ. Библия сиргэ аҕыс киһи тиллибитин туһунан кэпсиир. Кинилэр ортолоругар кырдьаҕастар, эдэрдэр, эр дьоннор, дьахталлар баар этилэр. Кинилэр үксүлэрэ кылгас кэмҥэ өлбүттэрэ эрээри, биирдэстэрэ түөрт күнү быһа ииҥҥэ сыппыта! (Иоанн 11:39—44).

  • Таҥара уруккутун курдук өлбүттэри тилиннэрэр баҕалаах. Иегова өлүүнү абааһы көрөр буолан кинини өстөөҕүнэн ааҕар (1 Коринфяннарга 15:26). Кини бу өстөөҕү хайаан да кыайар санаалаах. Онон тилиннэрии көмөтүнэн өлүүнү суох оҥоруоҕа. Таҥара кини өйүгэр баар дьону барыларын ис-сүрэҕиттэн хаттаан көрүөн баҕарар. Ол иһин кинилэри сиргэ тилиннэриэҕэ (Иов 14:14, 15).

ТОЛКУЙДААН КӨРҮҤ

Биһиги тоҕо кырдьабытый уонна өлөбүтүй?

Библия бу ыйытыыга БЫТИЕ 3:17—19 уонна РИМЛЯННАРГА 5:12 көмөтүнэн хоруйдуур.