Сүрүн матырыйаалларга көс

Библияны тоҕо итэҕэйиэххэ сөбүй

Библияны тоҕо итэҕэйиэххэ сөбүй

Библияны тоҕо итэҕэйиэххэ сөбүй

Сорох дьоннор Библия киһи эрэммэт кинигэтэ дииллэр, итинник санааны элбэх киһи тутуһар. Ол иһин үгүс дьон Библияны итэҕэйэри сөбө суох дии саныыллар.

Онтон Иисус Христос тыллара Библияҕа итэҕэйиэххэ сөбүн көрдөрөллөр. Кини Таҥараҕа эппитэ: «Эн тылыҥ — кырдьык». Библия бэйэтин туһунан эмиэ этэр, Таҥараттан буоларын (Иоанна 17:17; 2 Тимофею 3:16).

Ити туһунан эһиги туох дии саныыгытый? Библияны итэҕэйиэххэ сөп дуо? Эбэтэр, кырдьык да Библия эрэлэ суоҕун көрдөрөр дакаастааһыннар бааллар дуо? Кини бэйэтин бэйэтэ утарарын көрдөрөр дуо?

Бэйэтин бэйэтэ утарар дуо?

Сорохтор Библия бэйэтин бэйэтэ утарар диэн этэллэр, ол гынан баран, ким эрэ, хаһан эмит, дьиҥнээх холобуру көрдөрбүтэ дуо? Итинник холобурдар Библия сөбө суоҕун дакаастыыр кыахтара суох. Кырдьык, сороҕор Библия бэйэтин бэйэтэ утарар курдук көстүөн сөп, ол гынан баран, бу оччотооҕу бириэмэ ымпыктарын-чымпыктарын билбэттэн тахсар.

Холобур, сорох дьон ыйыталлар: Каин хантан кэргэн ылбытай? Кинилэр Каиннаах Авель, Адамнаах Ева соҕотох оҕолоро дии саныыллар. Бу Библияҕа суруллубуту, ситэ өйдөөбөтү көрдөрөр. Онно: «Адам уолаттары уонна кыргыттары төрөппүтэ» диэн быһаарыллар (Бытие 5:4). Ол курдук Каин бэйэтин балтын эбэтэр племянницатын кэргэн ылбыт.

Критиктэр Библияҕа бэйэтин бэйэтэ утарарын көрдүүллэр, холобур этэллэр: «Матфей Евангелияатыгар сурулларынан Иисуска сотник көрдөһүүлээх кэлбит, оттон Лука Евангелиятыгар этиллэринэн, киниттэн сотник ыыппыт дьонноро көрдөспүттэрэ. Дьиҥнээҕинэн ким Иисуска кэлбитэй? (Маппыайтан 8:5, 6; Лукааттан 7:2, 3). Ити этиилэр бэйэ-бэйэлэрин утараллар дуо?

Оҥоһуллубут үлэни үлэһиттэр буолбакка эппиэтинэстээх киһи оҥорбутун курдук аахтахха, өйдөөх киһи итини бэйэ-бэйэтин утарар дии саныа суоҕа. Холобур, төһө да куорат суолун инженердэр уонна улэһиттэр туппуттарын үрдүнэн, баһылык туппут диэн эттэххэ эһиги сыыһаннан ааҕыаххыт дуо? Биллэн турар суох! Оруобуна ол курдук, Матфей эппитэ, сотник Иисуска бэйэтэ кэлбитэ диэн, онтон Лука суруйбутунан, Иисуска сотник дьону ыыппыта син биир буолбатах үһү дуо? Библияны болҕойон үөрэттэххитинэ эһиги бэйэҕит көрүөххүт бэйэтин-бэйэтэ утарбатын.

История уонна наука

Биир бириэмэҕэ, дьоннор историяларын туһунан Библия сыыһаны кэпсиир дии сылдьыбыттара. Холобур, критиктэр Саргон ассирийскай ыраахтааҕы, Валтасар-вавилонскай ыраахтааҕы уонна римскэй салайааччы Понтий Пилат диэн дьоннор олоро сылдьыбыттарын боппуруоска уурбуттара. Ол гынан баран, соторутааҕыта булуллубут дакаастабыллар Библияҕа суруллубуту бигэргэппиттэрэ. Ол иһин Моше Перлман диэн историк суруйбута «билигин былыргы кэс тыл сөпкө суруллубутун саарбаҕалыыр дьоннор бэйэлэрин санааларын уларытан эрэллэр».

Биһиги Библияҕа итэҕэйэрбит наадатыттан, кини наука боппуруостарын кытта эмиэ сөп түбэһиэхтээх. Библия науканы кытта сөп түбэһэр дуо? Библияҕа этиллэринэн аан дойдуну Таҥара айбыт. Онтон соторутааҕыта учуонайдар аан дойду саҕаланыыта суох диэн эппиттэрэ. Ол эрээри Роберт Ястров диэн астроном саҥа аһыллыыга олоҕуран эппитэ: «Аан дойду хайдах баар буолбута астрономическай уонна библейскэй этиллиигэ биирдэр. Бу этиилэргэ кыратык тугунан эрэ майгыннаспаттар, ол эрээри кылаабынай боппуруостарга астрономическай уонна библейскэй этиилэр сөп түбэһэллэр» (Бытие 1:1).

Ону тэҥэ дьоннор сир форматын туһунан эмиэ санааларын уларыппыттара. «Уорлд бук»,— энциклопедияҕа этиллэр: «Чинчийэр экспедиция сир төгүрүк формалаах, хаптаҕай буолбатах диэн быһаарбыта». Оттон Библия куруутун кырдьыгы кэпсиир! Ол экспедиция буолуо 2 000 сыл иннинэ, Библияҕа Исаия кинигэтигэр 40:22 суруллубута: «Кини сир төгүрүгүн үрдүгэр олорооччу буолар».

Ол курдук дьоннор төһөннөн элбэхтик науканы үөрэтэллэр да соччоннон Библияни эрэнэргэ элбэх дакаастааһыннар үөскүүллэр. Британскай музей директора, Фредрик Кенион, суруйбута: «Билии элбээһиниттэн Библия кырдьыгы суруйар кинигэ буолара өссө күүскэ дакаастанар, итэҕэйэр дьоннор уруккуттан саныылларын курдук».

Инникини өтө көрүү

Библия кэлэр кэми этэрин итэҕэйиэхпитин сөп дуо? Холобур, «саҥа халлаан уонна саҥа сир» туһунан? (2 Петра 3:13; Откровение 21:3, 4). Ааспыт кэмнэр хайдах Библия сөп буоларын бигэргэтэллэрий? Оннооҕор сүүһүнэн сыллар иннинэ бэриллибит өтө көрүүлэр этиллибит бириэмэлэригэр кыра да сыыһата суох туолбуттара.

Холобур, Библия кыахтаах Вавилон сулларын 200 сыл иннинэ эппитэ бириэмэтигэр туолбута. Персияҕа холбоспут мидян омуктар кыайыылаахтарынан буолуохтара диэн эрдэттэн этиллибитэ. Персия ыраахтааҕыта Кир өссө төрүү илигинэ, Библия кини бу кыайыыга улахан сүдү оруолу толоруо диэн өтө көрбүтэ. Кини Вавилону көмүскүүр Евфрат өрүс уолуо уонна боруотатын аана сабыллыа суоҕа диэбитэ (Иеремия 50:38; Исаия 13:17—19; 44:27—45:1).

Геродот диэн историк ити этиллибиттэр туолбуттара диэн биллэрэр. Библия Вавилон туһунан салгыы өтө көрүүтүгэр, бүтэр уһугар ким да олорбот урусхалыгар кубулуйуо диэбитэ. Ол курдук дьиҥнээхтии буолбута. Бүгүн Вавилон урусхалламмыт куорат уонна дьоно суох буолан турар (Исаия 13:20—22; Иеремия 51:37, 41—43). Библия атын да туолбут өтө көрүүлэрэ элбэх.

Билиҥҥи бириэмэ туһунан Библия тугу кэпсиирий? Кини этэр: «Бүтэһик күннэргэ ыарахан кэмнэр буолуохтара. Дьоннор бэйэмсэх, баайы таптыыр, бэйэтигэр наһаа эрэнэр, улаатымсык, Таҥараны убаастаабат, төрөппүттэрин истибэт, махтала суох, бэриниитэ суох, таптала суох... Таҥараны таптыахтааҕар минньигэс олоҕу таптыыр, көстөр дьүһүннэрэ эрэ Таҥараҕа бэриниилээх курдук буолуохтара» (2 Тимофею 3:1—5).

Биһиги билигин бу тыллар туолууларын көрөбүт. Ол гынан баран, Библия «бүтэһик күннэр» туһунан маннык эмиэ этэн турар: «Омук омукка, царства царстваҕа утарылаһыаҕа... [уонна] сут [буолуоҕа]». Ол кэннэ «күүстээх сир хамсааһыннара... сир устун өлүүлээх сутул [«ыарыылар», СД]» буолуталыахтара (Маппыайтан 24:7; Лукааттан 21:11).

Биһиги кэммитигэр Библия өтө көрүүлэрэ биллэрдик туолаллар! Онтон маннык туолуохтаах өтө көрүүлэр туһунан туох дии саныыгыт? Холобур, «кырдьыгы тутуһааччылар сири баһылыахтара уонна киниэхэ үйэлэрин тухары олоруохтара». Библия өссө этэр. «Батастарын булуукка кубулутуохтара уонна аны сэриилэһэ үөрэниэхтэрэ суоҕа» (Псалом 36:29; Исаия 2:4).

«Маннык хаһан да буолуо суоҕа»,— диэхтэрэ сорох дьоннор. Ол гынан баран, биһиги Айааччыбыт эппит тылын саарбаҕалыыр кыахпыт суох. Библияҕа суруллубут кини тылларыгар итэҕэйиэххэ сөп! (Титу 1:2). Өскөтүн эһиги өссө элбэхтик Таҥара тылын үөрэттэххитинэ, дириҥник өйдүөххүт, Таҥара тылыгар эрэниэххэ сөбүн.

Библейскэй цитаталар «Синодальнай тылбаастааһынтан», «Саҥа аан дойду тылбаастааһыныттан» (СД), Митрополит Инокентий (Вениаминов) тылбаастааһыныттан, Библияны тылбаастыыр институт тылбаастааһыныттан ылылыннылар.

[Вставка, страница 4]

«Билии элбээһиниттэн Библия кырдьыгы суруйар кинигэ буолара өссө күүскэ дакаастанар, итэҕэйэр дьоннор уруккуттан саныылларын курдук».