Сүрүн матырыйаалларга көс

Дьиэ кэргэн олоҕор толору дьоллон

Дьиэ кэргэн олоҕор толору дьоллон

Дьиэ кэргэн олоҕор толору дьоллон

Дьиэ кэргэнниилэр чахчы дьоллоох буолуохтарын сөп дуо?

Ол хайдах кыаллыан сөбүй?

Бу буклетка ойууламмытын курдук биир санаалаах уонна толору дьоллоох дьиэ кэргэнниилэри билэҕин дуо? Бүгүн дьиэ кэргэн арахсыыта ханнык баҕарар дойдуга элбээн иһэр. Арахсыылар, үлэттэн сылтаан эрэлэ суох буолааһын, толорута суох дьиэ кэргэннэр ыарахаттара, санаа түһүүлэрэ — ити барыта быстарыылаах кэмнэри дириҥэтэр. Дьиэ кэргэн олоҕун мөккүөрдээх боппуруостарын чинчийэр киһи эппитэ: «Билигин дьиэ кэргэн эстиэн сөбө, хас биирдии киһиэхэ биллэр».

Тоҕо бүгүн дьиэ кэргэннэргэ маннык ыарахаттар үөскүүллэрий? Хайдах биһиги дьиэ кэргэн олоҕор дьолу ситиһиэхпитин сөбүй?

Дьиэ кэргэн үөскээһинэ

Бу боппуруостарга эппиэттиэх иннинэ, дьиэ кэргэн хайдах үөскээбитин билиэхпитин наада. Дьиэ кэргэнниилэри Таҥара айбыт буоллаҕына, кинилэр Айааччыларыттан салайтарыы көрдүөхтээхтэр. Тоҕо диэтэххэ кини кимнээҕэр да ордуктук билэр буолуохтаах, хайдах дьиэ кэргэн олоҕуттан толору дьоллоох буоларбытын.

Үгүс дьон саныылларынан дьиэ кэргэн олоҕун Таҥара айбатах. «Американскай энциклопедияҕа» этиллэр: «Сорох учуонайдар ыал үөскээһинин дьонтон намыһах турар кыыллар паараҕа холбоспуттарын кытта сибээстииргэ охтоллор». Онтон Иисус Христос эр киһини уонна дьахтары Таҥара айбыта диэн эппитэ. Эппитин бигэргэтэн, кини Библияҕа суруллубуту хатылаабыта уонна эппитэ: «Тугу Таҥара холбообутун, ону киһи араарбатын» (Матфей 19:4—6).

Иисус Христос эппитэ сөп. Мындыр өйдөөх Таҥара, бастакы дьону айбыта уонна кинилэр дьоллоох дьиэ кэргэн буолалларыгар кыһаллыбыта. Таҥара бастакы дьону кэргэннии гына холбообута уонна эппитэ: эр киһи «бэйэтин кэргэнигэр сыстыаҕа уонна биир эт-сиин буолуохтара» (Бытие 2:22—24). Дьиэ кэргэннэргэ ыарахаттар үөскүүллэрэ, Айааччы бэйэтин тылыгар Библияҕа олохтообут нуормаларын кэһэллэриттэн буолбатах үһү дуо?

Ханнык суол ситиһиигэ тириэрдэрий?

Эн саарбаҕа суох билэриҥ курдук, аныгы олох дьону бэйэ эрэ иннин көрүнүүгэ уонна бэйэни эрэ олоххо киллэрэн дьулуһарга үөрэтэр. «Иҥсэлээх буолуохха син,— диэбитэ биир үп үлэһитэ, Америка үрдүк үөрэҕин бүтэрэн тахсар кылааһыгар. — Эн иҥсэлээх да буолларгын, син биир бэйэҕин үчүгэйбин дии саныаҥ». Ол эрээри баайы эккирэтиһии ситиһиигэ тириэрдибэт. Баайга тардыһыы — бу дьиэ кэргэҥҥэ саамай улахан кутталлартан биирдэстэрэ буолар, тоҕо диэтэххэ кини дьон сыһыаннарын алдьатар, кинилэр бириэмэлэрин уонна харчыларын сиир. Ити оннугар дьоллоох буоларга туох наадатын өйдүүргэ, хайдах икки эрэ библейскай үгэ тыллар көмөлөһөллөрүгэр болҕомтоҕун уур:

«Күөх оттоох бүлүүдэни кытта таптал баара ордук, уотуллубут оҕуһу кытта абааһы көрсүһүү баарынааҕар».

«Хаппыт килиэп куһуогун кытта эйэ баара ордук, тобус толору сүөһү идэһэлээх уонна ону кытта иирсээннээх дьиэтээҕэр»

(Притчи 15:17; 17:1).

Хайдах курдук итэҕэтэр тылларый, кырдьык оннук буолбатах үһү дуо? Саатар бу туһунан толкуйдаан көр, аан дойду хайдах курдук атын буолуо этэй, бу икки ылыммыт санаалары хас биирдии дьиэ-кэргэн тутуһара буоллар! Ону тэҥэ БиблияҔа, дьиэ-кэргэн чилиэннэрэ хайдах бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннаһыахтаахтарын туһунан сыаналаах салалта бэриллэр. Библейскай сүбэлэртэн сорохторун эрэ көрүөххэйиҥ:

Эр дьоҥҥо: «Кэргэннэргитин бэйэҕит эккит — хааҥҥыт курдук таптааҥ» (Ефесяннарга 5:28—30).

Судургу, ол эрээри олус туһалаах! Ону таһынан Библия эр киһиэхэ кэргэҥҥин ытыктаа диэн сүбэлиир (1 Петр 3:7). Өскөтүн кини кэргэнигэр улахан болҕомтотун уурар, нарыннык сыҺыаннаһар, өйдүүр уонна көмөлөһөр буоллаҕына ону толорор. Кини өссө кэргэнин санаатын сыаналыыр уонна кинини болҕойон истэр. (Тэҥнээ Бытие 21:12). Ама эн сөбүлэһиэҥ суоҕа дуо, өскөтүн эр киһи ойоҕор сыһыана бэйэтигэр баҕарарын курдук буоллаҕына, ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ туһаны аҕаларын кытта? (Матфей 7:12).

Ойохторго: «Оттон ойоҕо бэйэтин эрин убаастыахтаах» (Ефесяннарга 5:33).

Дьиэ кэргэн дьолугар ойох элбэҕи оҥорор, эр киһи чэпчэкитэ суох эбээһинэстэрин толороругар көмөлөһөн. Чуо бааччы оннук эрдэттэн көрүллүбүт этэ, Таӈара эр киһиэхэ ойоҕу «көмөлөһөөччүннэн киниэхэ эбии курдук» буоллун диэн биэрбитэ (Бытие 2:18, СД). Санаан көр, хайдахтаах дьолу дьиэ кэргэн олоҕор аҕаларын, ойоҕо эрин убаастыыра, кини быһаарыныыларын өйөөн уонна дьиэ кэргэн сыалларын ситиһиигэ бииргэ үлэлэһэн?

Кэргэнниилэргэ: «Кэргэннии буолуу... кэргэнниилэр ыккардыларыгар ыраас хаалыахтаах» (Еврейдэргэ 13:14).

Өскөтүн кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэригэр бэриниилээх буоллахтарына, биллэн турар, дьиэ кэргэн олоҕо дьолу аҕалар. Көрсүүлэһии үксүгэр дьиэ кэргэнниилэри алдьатар (Притчи 6:27—29, 32). Ол иһин, Библия биһигини үөрэтэрэ туһалаах буолар: «Эдэр сааскар ылбыт ойоххунан уоскутун... кини тапталынан бэйэҕин мэлдьи саатат. Уонна туохха эйиэхэ нааданый... атынныын аралдьыйарыҥ?» (Притчи 5:18—20).

Төрөппүттэргэ: «Оҕону кыра эрдэҕиттэн сөптөөх суолга үөрэтиҥ» (Притчи 22:6).

Өскөтүн төрөппүттэр оҕолоругар болҕомтолорун уонна бириэмэлэрин уурар буоллахтарына, ол үтүө дьайыыта дьиэ кэргэн олоҕор биллэр. Ол иһин Библия төрөппүттэргэ бэйэлэрин оҕолорун сөптөөх санааҕа үөрэтэргэ өйдөтөр. Итини кинилэр «дьиэлэригэр олорон, суолунан баран иһэн, утуйаары сытан уонна туран баран» үөрэтиэхтээхтэр (Второзаконие 11:19). Библияҕа ону тэҥэ этиллэр, төрөппүттэр оҕолорун иитэннэр, кинилэргэ тапталларын көрдөрүөхтээхтэр (Ефесяннарга 6:4).

Оҕолорго: «Оҕолоор, Таӈараҕа итэҕэллээх төрөппүттэргитигэр бас бэриниҥ» (Ефесяннарга 6:1).

Кырдьык, бу сокуона суох эйгэҕэ төрөппүттэргэ бас бэринэр ардыгар чэпчэкитэ суох. Ол эрээри дьиэ кэргэн Айааччыта биһиэхэ тугу этэрин оҥорор, ама сөп буолбатах үһү дуо? Кини ордук билэр, хайдах биһиги дьиэ кэргэммитин дьоллоох оҥорору. Ол иһин оҕолор бэйэлэрин төрөппүттэригэр кыһамньылаахтык бас бэриниилэрэ наадалаах. Кинилэр куһаҕаҥҥа угуйар бу эйгэ ымсыыларыттан быһаарыныылаахтык аккаастаныахтаахтар (Притчи 1:10—19).

Дьиэ кэргэҥҥэ хас биирдиилэрэ библейскай сүбэни төһө тутуһаллар да, соччоннон дьиэ кэргэн олоҕо дьолу аҕалыаҕа. Дьиэ кэргэн үчүгэй олохтон билигин эрэ үөрүө суоҕа, ол үрдүнэн өссө Таҥара эрэннэрбит олус кэрэ саҥа сиригэр олорорго эрэли булуоҕа (2 Петр 3:13; Арыллыы 21:3, 4).Ол иһин Библияны бииргэ үөрэтээһин эн дьиэ кэргэҥҥэр мэлдьитин баар буоллун! Аан дойду үрдүнэн мөлүйүөнүнэн дьиэ кэргэнниилэр, чахчы туһалаах салайтарыыны «Дьиэ кэргэн дьолун кистэлэҥэ» диэн кинигэттэн булуохха сөп диэн түмүккэ кэллилэр.

Библейскэй цитаталар «Синодальнай тылбаастааһынтан», «Саҥа аан дойду тылбаастааһыныттан» (СД), Митрополит Инокентий (Вениаминов) тылбаастааһыныттан, Библияны тылбаастыыр институт тылбаастааһыныттан ылылыннылар.