Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

9 УРУОК

Дьиэ кэргэн дьолун кистэлэҥэ тугуй?

Дьиэ кэргэн дьолун кистэлэҥэ тугуй?

1. Кэргэннии буолууга туоһу сурук тоҕо нааданый?

 Үчүгэй сонун дьоллоох Таҥараттан, Иеговаттан кэлэр. Кини сиргэ баар дьиэ кэргэнниилэр бары дьоллоох буолалларын баҕарар (1 Тимофейга 1:11). Кэргэннии буолууну кини олохтообута. Дьиэ кэргэн дьоллоох буоларын туһугар кэргэннии сыһыаны бигэргэтэр туоһу сурук улахан суолталаах буолар. Ол дьиэ кэргэҥҥэ барыларыгар көмүскэли биэрэр уонна оҕолор сылаас уонна истиҥ эйгэҕэ улааталларыгар көмөлөһөр. Христианнар кэргэннии буолуу олохтоох сокуоннарын тутуһаллара улахан суолталаах. (Лука 2:1, 4, 5 ааҕыҥ.)

 Таҥара кэргэннии буолууга хайдах сыһыаннаһарый? Кини холбоспут дьон олохторун тухары бииргэ олороллорун баҕарар. Иегова эр уонна ойох бэйэ-бэйэлэригэр бэриниилээх буолалларын баҕарар (Еврейдэргэ 13:4). «Кини арахсыыны абааһы көрөр» (Малахия 2:16, СД). Ол эрээри христианин олоҕун аргыһа кинини таҥнарбыт буоллаҕына, арахсарын уонна саҥаттан кэргэннэнэрин көҥүллүүр. (Матфей 19:3—6, 9 ааҕыҥ.)

2. Эр уонна ойох бэйэ-бэйэлэригэр хайдах сыһыаннаһыахтаахтарый?

 Иегова эр киһини уонна дьахтары бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэрин гына айбыта (Айыллыы 2:18). Эр киһи дьиэ кэргэн баһылыга буолар. Кини эбээһинэһигэр ойоҕун уонна оҕолорун хааччыйыы уонна кинилэри кытта Биибилийэни үөрэтии киирэр. Эр ойоҕун туһугар сиэртибэҕэ барарга бэлэм буолуохтаах. Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэрин таптыах уонна убаастыах тустаахтар. Киһи барыта аньыылаах буоларын быһыытынан чугас дьоннорбут сыыһаларын бырастыы гынарга үөрэнэрбит олус улахан суолталаах. Бырастыы гыныы дьиэ кэргэн дьоллоох буоларын төрүөтэ буолар. (Эфесяннарга 4:31, 32; 5:22—25, 33; 1 Петр 3:7 ааҕыҥ.)

3. Кэргэннии буолуу дьолу аҕалбат буоллаҕына?

 Кэргэнниилэр ыарахаттары көрүстэхтэринэ, бэйэ-бэйэлэригэр тапталлаахтык уонна истиҥник сыһыаннаһарга үөрэниэхтэрин наада (1 Коринфяннарга 13:4, 5). Таҥара Тыла дьиэ кэргэн ыарахаттарын туспа олоруу көмөтүнэн быһаарары биһирээбэт. (1 Коринфяннарга 7:10—13 ааҕыҥ.)

4. Оҕолор, Таҥара эһиэхэ анаан тугу баҕарарый?

 Иегова эһиги дьоллоохтук олороргутун баҕарар. Өскөтүн эһиги кинини истэр буоллаххытына, үгүс эрэйтэн куотуоххутун уонна дьоллоох буолуоххутун сөп. Ону таһынан кини төрөппүттэргитин истэргитин баҕарар, тоҕо диэтэххэ кинилэр быдан муударайдар уонна олох туһунан ордук элбэҕи билэллэр (Колоссяннарга 3:20). Өссө Иегова киниэхэ уонна кини Уолугар анаан эһиги тугу эмэ үчүгэйи оҥорон, үөрүүнү ыларгытын баҕарар. (Матфей 19:13—15; 21:15, 16; 2 Тимофейга 3:14, 15 ааҕыҥ.)

5. Төрөппүттэр, эһиги оҕолоргутугар анаан тугу гыныаххытын сөбүй?

 Эһиги оҕолоргутугар ас, таҥас уонна олорор дьиэ баар буоларын туһугар кыһаллыахтааххыт (1 Тимофейга 5:8). Ону таһынан оҕолоргут дьоллоох буолалларын туһугар кинилэри Таҥараны таптыырга уонна истэргэ үөрэтиэххитин наада (Второзаконие 6:4—7). Манна төрөппүттэр холобурдара улахан оруоллаах. Оҕолоргут эһиги Таҥараны таптыыргытын көрөр буоллахтарына, кинилэри ол ордук көҕүлүө. Таҥара Тыла оҕоҕут быһыытын-майгытын уонна өйүн-санаатын сайыннарарга көмөлөһүө. (Аман өс 22:6; Эфесяннарга 6:4 ааҕыҥ.)

 Оҕолоргутун хайгыыргыт уонна кинилэри таптыыргытын биллэрэргит олус улахан суолталаах. Ону таһынан кинилэри көннөрөр уонна буойар наада. Оннук гынан кинилэри оҕо саастарыгар уонна кэлин бүтүн олохторугар буортулаах быһыыттан-таһааттан көмүскүөххүт (Аман өс 22:15). Ол гынан баран буойуу хаҕыс уонна суостаах буолуо суохтаах. (Колоссяннарга 3:21 ааҕыҥ.)

 Иегова Туоһулара төрөппүттэргэ уонна оҕолорго көмөлөһөр хас да кинигэни таһаарбыттара. Ол кинигэлэр Биибилийэҕэ олоҕураллар. (Саалтыыр 18:8, 12 ааҕыҥ.)