Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

5 УРУОК

Сири туох күүтэрий?

Сири туох күүтэрий?

1. Таҥара сири тоҕо айбытай?

 Иегова сири дьоҥҥо анаан айбыта. Сир биһиги дьиэбит буолар. Маҥнайгы дьоннор, Адамнаах Ева, халлааҥҥа олорорго анаан айыллыбатахтара. Халлааҥҥа анаан Таҥара аанньаллары айбыта (Иов 38:4, 7). Таҥара дьоннору олус кэрэ Эдиэм диэн ааттаах ырай сиригэр олордубута (Айыллыы 2:15—17). Иегова бастакы дьон уонна кинилэр оҕолоро сиргэ хаһан да өлбөккө үйэлэр тухары олороллорун баҕарбыта. (Саалтыыр 36:29; 113:24 ааҕыҥ.)

 Бастаан Эдиэм эрэ сирэ ырай этэ. Онтон маҥнайгы дьиэ кэргэн төрөөн-ууһаан сири барытын толоруохтаах этэ. Кинилэр сири барытын баһылаан олус кэрэ ырайга кубулутуохтаах этилэрэ (Айыллыы 1:28). Сир хаһан даҕаны имири эстиэ суоҕа уонна үйэлэр тухары биһиги дьиэбит буолуоҕа. (Саалтыыр 103:5 ааҕыҥ.)

 Видеоролигы көрүҥ «Таҥара сири туохха анаан айбытай?»

2. Билигин сир тоҕо ырай буолбатаҕый?

 Адамнаах Ева Таҥара тылын истибэтэхтэрэ, ол иһин Иегова кинилэри Эдиэмтэн үүрбүтэ. Дьоннор ырайтан маппыттара, онтон ыла биир да киһи ырайы чөлүгэр түһэрэ илик. Ол саҕаттан сири куһаҕан дьоннор баһылаан олороллор. (Айыллыы 3:23, 24 ааҕыҥ.)

 Иегова дьоҥҥо анаан тугу оҥоруохтаах баҕатыттан аккаастаммыта дуо? Суох! Таҥара муҥура суох күүстээх. Кини санаабытын толороругар туох даҕаны мэһэйдиир кыаҕа суох (Исаия 45:18). Иегова хара маҥнайгыттан баҕарбытын курдук сири хайаан да ырайга кубулутуоҕа. (Саалтыыр 36:11, 34 ааҕыҥ.)

3. Ырай хайдах чөлүгэр түһүөй?

 Иисус салайар кэмигэр сир ырайга кубулуйуо. Бастаан Иисус аанньаллары салайан Армагеддон сэриитигэр Таҥараны утарсааччылары барыларын суох гыныа. Онтон Сатананы 1 000 сылга хаайыа. Таҥара сулууспалааччылара бары быыһаныахтара, тоҕо диэтэххэ Иисус кинилэргэ тугу гыныахтаахтарын этэн биэриэ уонна көмүскүө. Кинилэр үйэлэр тухары ырай сиригэр олоруохтара. (Арыллыы 20:1—3; 21:3, 4 ааҕыҥ.)

4. Эрэйдэнии хаһан бүтүөй?

 Таҥара сири куһаҕантан хаһан ыраастыаҕай? Иисус ол хаһан буолуохтааҕын көрдөрөр «бэлиэ» туһунан кэпсээбитэ. Билигин аан дойдуга буола турар иэдээннэр киһи-аймахха кутталы үөскэтэллэр. Ол барыта «бу дойду бүтэр уһуга кэлбит» кэмигэр олорорбутун көрдөрөр. (Матфей 24:3, 7—14, 21, 22 ааҕыҥ.)

 Иисус 1 000 сыл устата салайар кэмигэр сиргэ туох баар эрэйи-муҥу суох оҥоруо (Саалтыыр 71:7). Кини Ыраахтааҕы эрэ буолбакка өссө Үрдүкү Аҕабыыт буолуо уонна Таҥараны таптыыр дьону барыларын аньыыттан босхолуо. Оннук гынан Таҥара Иисус көмөтүнэн дьон ыалдьарын, кырдьарын уонна өлөрүн тохтотуо. (1 Коринфяннарга 15:26; Исаия 33:24 * ааҕыҥ.)

5. Кэлэр өттүгэр ырайга ким олоруоҕай?

Сүгүрүйүү Саалатыгар эһиги Таҥараны таптыыр уонна кини сокуоннарын тутуһан олоруон баҕалаах дьону көрсүөххүт

 Ырайга Таҥара тылын истэр дьоннор олоруохтара (1 Иоанн 2:17). Иисус бэйэтин батыһааччыларыгар көнө-көрсүө, үөрэнэргэ бэлэм дьону көрдөөҥ уонна кинилэргэ Таҥара доҕотторо буолалларыгар көмөлөһүҥ диэн сорудах хаалларбыта. Бүгүн Иегова мөлүйүөнүнэн дьону кэлэр өттүгэр сирдээҕи ырайга олорорго бэлэмниир (Саалтыыр 24:9; Матфей 5:5). Иегова Туоһуларын сүгүрүйэр дьиэлэригэр дьоннор үчүгэй эр, ойох уонна аҕа, ийэ буоларга үөрэнэллэр. Төрөппүттэр уонна оҕолор Таҥараҕа бииргэ сүгүрүйэллэр уонна Биибилийэ кинилэр олохторун хайдах тупсарыан сөбүн туһунан билии ылаллар. (Арыллыы 15:4 ааҕыҥ.)

 

[Сноска]

^ Исаия 33:24: «„Мин ыарыйдым“,— диэн аны биир да киһи этиэ суоҕа. Ол сиргэ олорор норуокка аньыыта бырастыы гыныллыаҕа».