12 УРУОК
Таҥараҕа хайдах чугаһыахха сөбүй?
1. Таҥара дьон үҥэрин барытын истэр дуо?
Таҥара киһи барыта киниэхэ үҥэн чугаһыырын баҕарар (Саалтыыр 64:3). Ол эрээри кини дьон үҥэрин барытын истибэт. Холобур, ойоҕор куһаҕаннык сыһыаннаһар эр киһи үҥэрэ эппиэтэ суох хаалыан сөп (1 Петр 3:7). Таҥара куһаҕаны оҥоро турар израильтяннары истибэт этэ. Ол эрээри аньыыларын кэмсинээччилэри истэргэ бэлэм. Таҥараҕа үҥэр улахан чиэс буолар. Ону өйдүүрбүт олус суолталаах. (Аман өс 28:9; Апостоллар 3:19 ааҕыҥ.)
Видеоролигы көрүҥ «Таҥара дьон үҥэрин барытын истэр дуо?»
2. Хайдах үҥүөххэ нааданый?
Иеговаҕа эрэ үҥүөхпүтүн наада, тоҕо диэтэххэ кини Айбыт Айааччыбыт уонна соҕотох дьиҥнээх Таҥарабыт буолар (Матфей 4:10; 6:9). Ол эрээри бары аньыылаах төрөөбүт буоламмыт, биһиги аньыыбыт туһугар өлбүт Иисус Христос аатын нөҥүө үҥүөххэ наада (Иоанн 14:6). Иегова биһиги куруук биири хатылаан үҥэрбитин эбэтэр үҥэр кинигэҕэ суруллубуту ааҕарбытын баҕарбат. Биһиги киниэхэ үҥэн ис санаабытын кэпсиирбитин баҕарар. (Матфей 6:7; Филиппиецтарга 4:6, 7 ааҕыҥ.)
Биһиги Айааччыбыт оннооҕор испитигэр үҥэрбитин истэр (1 Самуил 1:12, 13). Кини биһигини хаһан баҕарар үҥэрбитигэр көҕүлүүр. Күммүтүн үҥэн саҕалыыр уонна бүтэрэр, ону таһынан аһыах иннинэ итиэннэ туох эмит кыһалҕа үөскээтэҕинэ үҥэр үчүгэй буолуо этэ. (Саалтыыр 54:23; Матфей 15:36 ааҕыҥ.)
3. Христианнар тоҕо бииргэ түмсүөхтээхтэрий?
Таҥараҕа чугаһыыр чэпчэкитэ суох, тоҕо диэтэххэ дьон үгүс өттө Таҥараны итэҕэйбэт уонна кини сири ырай оҥоруом диэн этэрин күлүү гынар (2 Тимофейга 3:1, 4; 2 Петр 3:3, 13). Ол иһин биһиги биир итэҕэллээхтэри кытта алтыһарбыт уонна бэйэ-бэйэбитин өйүүрбүт улахан суолталаах. (Еврейдэргэ 10:24, 25 ааҕыҥ.)
Таҥараны таптыыр дьону кытта бииргэ буоларбыт киниэхэ чугаһыырга көмөлөһүөҕэ. Иегова Туоһуларын көрсүһүүлэрэ итэҕэлбитин бөҕөргөтөргө олус үчүгэй кыаҕы биэрэллэр. (Римляннарга 1:11, 12 ааҕыҥ.)
4. Таҥараҕа хайдах чугаһыахха сөбүй?
Эһиги Иеговаҕа кини Тылыттан тугу билбиккитин дириҥник толкуйдуур буоллаххытына чугаһыаххыт. Онон кини дьыалаларын, сокуоннарын уонна эрэннэриилэрин туһунан дириҥник толкуйдааҥ. Ол эһиэхэ Таҥара дириҥ тапталын уонна муудараһын сыаналыырга көмөлөһүөҕэ. (Саалтыыр 1:1—3; Иаков 1:25 ааҕыҥ.)
Эһиги Таҥараҕа эрэнэр уонна итэҕэйэр эрэ буоллаххытына, киниэхэ чугаһыаххытын сөп. Итэҕэли үүнээйини кытта тэҥниэххэ сөп: уу куттахха эрэ үүнээйи улаатар. Итэҕэл эмиэ улаатарын туһугар Биибилийэ ханнык эмэ үөрэҕэ тоҕо кырдьык буоларын туһунан толкуйдуохха наада. (Матфей 4:4; Еврейдэргэ 11:1, 6 ааҕыҥ.)
5. Таҥараҕа чугаһыыр туох туһалааҕый?
Иегова кинини таптыыр дьон туһугар кыһаллар. Кини биһигини итэҕэлбитин уонна бараммат олоххо эрэлбитин алдьатыан сөптөөхтөн барытыттан харыстыыр (Саалтыыр 90:1, 2, 7—10). Таҥара доруобуйабытын буортулуур уонна олохпутун дьоло суох оҥорор дьайыылартан сэрэтэр. Иегова биһиэхэ саамай үчүгэй суолунан барарбытыгар көмөлөһөр. (Саалтыыр 72:27, 28; Иаков 4:4, 8 ааҕыҥ.)