7 УРУОК
Таҥара Саарыстыбата диэн тугуй?
1. Таҥара Саарыстыбата диэн тугуй?
Таҥара Саарыстыбата диэн халлааннааҕы бырабыыталыстыба буолар. Ол Саарыстыба дьоннор бырабыыталыстыбаларын барытын солбуйуоҕа уонна Таҥара көҥүлүн халлааҥҥа курдук сиргэ эмиэ толоруоҕа. Таҥара Саарыстыбатын туһунан үтүө сурах үчүгэй сонун буолар. Сотору кэминэн Таҥара Саарыстыбата киһи-аймах үчүгэй салалтаны кэтэһэрин толоруоҕа. Оччоҕо сиргэ дьоннор бары биир санаанан олоруохтара. (Марк 13:10; Лука 4:43 ааҕыҥ.)
Ханнык баҕарар саарыстыбаны ыраахтааҕы салайар. Иегова халлааннааҕы Саарыстыба Ыраахтааҕытынан бэйэтин Уолун, Иисус Христоһу, анаабыта. (Арыллыы 11:15 ааҕыҥ.)
Видеоролигы көрүҥ «Таҥара Саарыстыбата диэн тугуй?»
2. Иисус кимнээҕэр да ордук Ыраахтааҕы буолар диэн тоҕо этиэххэ сөбүй?
Таҥара Уола кимнээҕэр да ордук Ыраахтааҕы буолар, тоҕо диэтэххэ кини үтүө санаалаах уонна кырдьыктаах (Матфей 11:28—30). Кини халлаантан салайар буолан дьоҥҥо барыларыгар көмөлөһөр сүдү күүстээх. Иисус тиллэн баран халлааҥҥа тахсыбыта. Кини Иегова уҥа өттүгэр олорбута (Еврейдэргэ 10:12, 13). Кэмэ кэлбитигэр Таҥара киниэхэ былааһы биэрбитэ, онтон ыла кини салайыытын саҕалаабыта. (Лука 1:32, 33 ааҕыҥ.)
3. Иисуһу кытта ким салайыаҕай?
Таҥара Иисуһу кытта халлааҥҥа салайарга аҕыйах ахсааннаах кыра бөлөҕү талбыта (Арыллыы 5:10). Иегова кинилэри бэйэтэ талар. Бастаан бу бөлөххө Иисус бэриниилээх апостоллара киирбиттэрэ. «Сибэтиэйдэри», ол эбэтэр Таҥараҕа бэриниилээх эр дьону уонна дьахталлары хомуйуу биһиги күммүтүгэр диэри салҕана турар. Кинилэр халлааҥҥа Иисус курдук духуобунай эттээх-сииннээх тиллэллэр. (Иоанн 14:1—3; 1 Коринфяннарга 15:42—44 ааҕыҥ.)
Халлааҥҥа төһө элбэх киһи тахсыаҕай? Иисус кинилэри «кыра үөр» диэн ааттаабыта (Лука 12:32). Уопсай ахсааннара 144 000 турар. Кинилэр Иисуһу кытта сири салайыахтара. (Арыллыы 14:1 ааҕыҥ.)
4. Иисус салайыыта туохтан саҕаламмытай?
Таҥара Саарыстыбата 1914 сылтан ыла салайар *. Иисус Сатананы уонна кини абааһыларын халлаантан сиргэ быраҕан бэйэтин салайыытын саҕалаабыта. Сатана уордайан киһи-аймахха бииртэн биир иэдээни оҥорон барбыта (Арыллыы 12:7—10, 12). Онтон ыла дьоннор үгүс иэдээннэртэн эрэйи көрөллөр. Сэриилэр, аччыктааһын, сыстыганнаах ыарыылар уонна сир хамсааһыннара — бу барыта Таҥара Саарыстыбата чугаһаабытын көрдөрөр «бэлиэ» сорҕото буолаллар. (Лука 21:7, 10, 11, 31 ааҕыҥ.)
5. Таҥара Саарыстыбатын көмөтүнэн туох кыаллыан сөбүй?
Бүгүн Таҥара Саарыстыбата бары норуоттартан үгүс дьону бииргэ түмэр. Ол Таҥара туһунан үөрэх сир үрдүнэн барытынан тарҕанар буолан кыаллар. Иисуһу мөлүйүөнүнэн көнө-көрсүө дьон батыһаллар. Бу куһаҕан аан дойду суох буоларын саҕана Таҥара Саарыстыбата кинилэри көмүскүө. Бу Саарыстыба салайыытынан олоруон баҕалаах дьоннор бары Иисуска истигэн буолуохтарын наада. (Арыллыы 7:9, 14, 16, 17 ааҕыҥ.)
Саарыстыба Таҥара дьоҥҥо анаан хара маҥнайгыттан тугу оҥоруон баҕарбытын барытын толоруо. Ол Христос Тыһыынча сыл устата салайыытын кэмигэр буолуоҕа. Сир барыта ырайга кубулуйуо. Ол кэнниттэн Иисус Саарыстыбаны Аҕатыгар туттарыа (1 Коринфяннарга 15:24—26). Эн Таҥара Саарыстыбатын туһунан кимиэхэ кэпсиэххин баҕарыаҥ этэй? (Саалтыыр 36:10, 11, 29 ааҕыҥ.)
^ 1914 сылга сыһыаннаах өтө көрүү «Чему нас учит Библия?» диэн кинигэ 217—220 страницаларыгар ырытыллар.