Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

Иисус Христос диэн кимий?

Иисус Христос диэн кимий?

3 Уруок

Иисус Христос диэн кимий?

Иисус Таҥара «бастакы уолунан» тоҕо ааттаммытай? (1)

Кини тоҕо «Тыл» диэн ааттаммытай? (1)

Иисус тоҕо киһи буолан сиргэ кэлбитэй? (2—4)

Кини дьиктилэри тоҕо оҥорор этэй? (5)

Иисус сотору кэминэн тугу оҥоруоҕай? (6)

1. Иисус сиргэ кэлиэн иннинэ, көстүбэт тыын буолан халлааҥҥа олорбута. Иисус аан маҥнай айыллыбыт буолан, кини Таҥара «туох да айыллыан иннинэ төрөппүт уола» диэн ааттанар (Колоссяннарга 1:15; Арыллыы 3:14). Таҥара соҕотоҕун айбыт Уола, Иисус эрэ буолар. Иисус сиргэ кэлиэн иннинэ, Иегова кинини сири уонна халлааны айарыгар сатабыллаах көмөлөһөөччү быһыытынан туттубута (Притчи 8:22—31; Колоссяннарга 1:16, 17). Ону таһынан Таҥара кинини бэйэтин сүрүн илдьитинэн туһаммыта. Ол иһин Иисус «Тыл» диэн ааттаммыт (Иоанн 1:1—3; Арыллыы 19:13).

2. Таҥара бэйэтин Уолун сиргэ ыытарыгар, кини олоҕун Мария иһигэр көһөрбүтэ. Онон Иисус аҕата киһи буолбатах этэ. Ол иһин кини аньыыта уонна итэҕэһэ суох буолан төрөөбүтэ. Таҥара Иисуһу сиргэ тоҕо ыыппытай: 1) дьону Таҥара туһунан дьиҥнээххэ үөрэтэригэр (Иоанн 18:37), 2) бүтэһигэр диэри эрэллээх хаалан, биһиэхэ холобур көрдөрөрүгэр (1 Петр 2:21), уонна 3) бэйэтин олоҕун биһиги туспутугар биэрэн, биһигини аньыыттан уонна өлүүттэн босхолууругар. Ол тоҕо наада буолбутай? (Матфей 20:28).

3. Бастакы киһи Адам Таҥара тылын истибэтэҕэ, ол Библияҕа «аньыы» диэн ааттанар. Ол иһин Таҥара Адам өлөр уураҕын таһаарбыта (Бытие 3:17—19). Кини аны Таҥара ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт буолбута, ол иһин кини эҥкилэ суоҕун сүтэрбитэ. Адам кырдьан киирэн барбыта уонна түмүгэр тиийэн өлбүтэ. Кини кэлэр көлүөнэлэргэ аньыыны хаалларбыта. Онтон сылтаан биһиги эмиэ кырдьабыт, ыалдьабыт уонна өлөбүт. Киһи аймаҕы хайдах быыһыахха сөп этэй? (Римляннарга 3:23; 5:12).

4. Иисус эмиэ Адам курдук, туох да эҥкилэ суох киһи этэ. Ол эрээри Иисус Адамтан уратыта диэн, кини мэлдьи, оннооҕор саамай улахан эрэйдэниигэ Таҥараны истэрэ. Ол иһин кини бэйэтин эҥкилэ суох олоҕун сиэртибэҕэ биэрэн, Адам аньыытын оннугар төлүүр кыахтаммыта. Библияҕа ол туһунан «толук биэрээһин» диэн этиллэр. Оннук Адам оҕолоро өлөр уураахтан босхолонор кыахтаммыттара. Иисуһу итэҕэйэр хас биирдии киһи аньыыта бырастыы гыныллыан сөп, уонна ол дьоннор бараммат олоҕу ылар кыахтаналлар (1 Тимофейга 2:5, 6; Иоанн 3:16; Римляннарга 5:18, 19).

5. Иисус сиргэ олоро сылдьан ыарыһах дьону үтүөрдэрэ, аччыктаабыттары аһатара уонна күүстээх тыаллары уоскутара. Кини оннооҕор өлбүттэри тилиннэрэр этэ. Кини дьиктилэри тоҕо оҥорор этэй? 1) Кини эрэйдэнэр дьону аһынара уонна кинилэргэ көмөлөһүөн баҕарара. 2) Кини оҥорор дьиктилэрэ, кини Таҥара Уола буоларын дакаастыыллара. 3) Кини аан дойду үрдүнэн салайан саҕалаатаҕына, истигэн дьоҥҥо анаан тугу оҥоруохтааҕын көрдөрбүттэрэ (Матфей 14:14; Марк 2:10—12; Иоанн 5:28, 29).

6. Иисус өлбүтүн кэннэ, Таҥара кинини көстүбэт тыын курдук тилиннэрбитэ. Ол кэнниттэн кини халлааҥҥа төннүбүтэ (1 Петр 3:18). Кэлин Таҥара кинини Ыраахтааҕыннан анаабыта. Иисус сотору сири куһаҕантан уонна эрэйдэнииттэн босхолуо (Псалом 37:9—11; Притчи 2:21, 22).

[Иллюстрации, страница 7]

Иисус сулууспалааһыныгар дьону үөрэтии, дьиктилэри оҥоруу уонна бэйэтин олоҕун биһиги туспутугар биэрбитэ киирэр.