Таҥара диэн кимий?
2 Уруок
Таҥара диэн кимий?
Дьиҥнээх Таҥара диэн кимий уонна кини ким диэн ааттааҕый? (1, 2)
Кини хайдах эттээҕий? (3)
Кини саамай сүрүн хаачыстыбалара ханныктарый? (4)
Киниэхэ сүгүрүйэргэ ойуулары эбэтэр эмэгэттэри туһанар сөп дуо? (5)
Таҥараны билэргэ ханнык икки ньыма баарый? (6)
1. Дьоннор элбэххэ сүгүрүйэллэр. Ол гынан баран Библияҕа биир эрэ ДЬИҤНЭЭХ Таҥара баарын туһунан этиллэр. Кини халлааҥҥа уонна сиргэ баары барытын айбыт. Кини биһиэхэ олох биэрбит буолан, киниэхэ эрэ Соҕотохтуу сүгүрүйүөхтээхпит (1 Коринфяннарга 8:5,6; Арыллыы 4:11).
2. Таҥара элбэх титуллаах, ол эрээри биир эрэ ааттаах. Таҥара аата — ИЕГОВА. Библия үгүс тылбаастарыгар Таҥара аатын суох гынан баран, «Айыы Тойон» уонна «Таҥара» диэн титулларга уларыппыттар. Онтон бастакы Библияҕа Иегова диэн аат 7 000 төгүл кэриҥэ көстөр! (Исход 15:3; Псалом 83:18).
3. Биһиги эттэн-сиинтэн турабыт. Иегова эмиэ эттээх, ол эрээри биһиэниттэн ураты буолар. «Таҥара — Тыын» диэн Библияҕа этиллэр (Иоанн 4:24). Тыын — бу биһиэниттэн быдан үрдүк олох көрүҥэ буолар. Таҥараны хаһан даҕаны биир да киһи көрбөтөҕө. Иегова халлааҥҥа олорор, ол эрээри барытын көрөр (Псалом 11:4, 5; Иоанн 1:18). Онтон сибэтиэй тыын диэн тугуй? Бу Таҥара курдук буолбатах. Ол Таҥара туттар күүһэ (Псалом 104:30).
4. Библия Иегова хайдаҕын туһунан арыйар. Онно кини сүрүн хаачыстыбалара көстөллөр: таптала, кырдьык быһыыта, дириҥ өйө уонна күүһэ (Второзаконие 32:4; Иов 12:13; Исаия 40:26; 1 Иоанн 4:8). Библияҕа этиллэринэн, Таҥара өссө аһыныгас, үтүө санаалаах, бырастыы гынарга бэлэм, аламаҕай уонна тулуурдаах. Биһиги истигэн оҕолор курдук, киниэхэ майгынныы сатыахтаахпыт (Ефесяннарга 5:1, 2).
5. Таҥараҕа сүгүрүйэрбитигэр дьүһүннэри, хартыыналары, эмэгэттэри ытыктыырбыт уонна кинилэргэ үҥэрбит сөп дуо? Суох! (Исход 20:4, 5). Иегова этэринэн, биһиги киниэхэ эрэ сүгүрүйүөхтээхпит. Кини албан аатын кими да кытта эбэтэр тугу да кытта үллэстиэ суоҕа. Оҥоһуктар биһиэхэ көмөлөһөр кыахтара суох (Псалом 115:4—8; Исаия 42:8).
6. Таҥараны хайдах үчүгэйдик билиэххэ сөбүй? Баастакы ньыма — кини туох баар айбыт айыытын кэтээн көрүү уонна ол туһунан дириҥник толкуйдааһын буолар. Таҥара тугу айбытыттан кини улуу күүстээҕин уонна дириҥ өйдөөҕүн билиэххэ сөп. Кини тугу айбыта барыта, кини тапталын көрдөрөр (Псалом 19:1—6; Римляннарга 1:20). Таҥара туһунан билэргэ иккис ньыманнан — Библия үөрэтиитэ буолар. Кини онно бэйэтэ хайдах Таҥара буоларын туһунан, быдан элбэҕи кэпсиир. Онно өссө, кини тугу оҥорор санаалааҕын уонна биһигиттэн тугу күүтэрин туһунан биллэрэр (Амос 3:7; 2 Тимофейга 3:16, 17).
[Иллюстрации, страница 5]
Биһиги Таҥара туһунан кини тугу айбытыттан уонна Библияттан билэбит.