Таҥара сөбүлээбэт итэҕэйиилэрэ уонна үгэстэрэ
11 Уруок
Таҥара сөбүлээбэт итэҕэйиилэрэ уонна үгэстэрэ
Ханнык итэҕэйиилэр уонна үгэстэр сөбө суохтарый? (1)
Христианнар Таҥара Троица буолар диэн итэҕэйэллэрэ сөп дуо? (2)
Дьиҥнээх христианнар Ороһуоспаны, Паасханы уонна төрөөбүт күнү тоҕо бырааһынньыктаабаттарый? (3, 4)
Өлбүттэр тыыннаахтарга куһаҕаны оҥорор кыахтаахтар дуо? (5)
Иисус кириэскэ өлбүтэ дуо? (6)
Таҥара санаатын табар төһө улахан суолталааҕый? (7)
1. Итэҕэйиилэр уонна үгэстэр бары куһаҕан буолбатахтар. Ол гынан баран Таҥара, сымыйа итэҕэлтэн үөскээбиттэри уонна Библия үөрэтиитин утараллары сөбүлээбэт (Матфей 15:6).
2. Троица. Иегова Троица дуо? Атыннык эттэххэ биир Таҥара үс Таҥараттан туруон сөп дуо? Суох! Иегова — биһиги Аҕабыт, кини «соҕотох дьиҥнээх Таҥара» (Иоанн 17:3; Марк 12:29). Иисус — киниэхэ бас бэриниилээх, бастакы Уола (1 Коринфяннарга 11:3). Аҕа Уолунааҕар улахан (Иоанн 14:28). Сибэтиэй тыын — бу Таҥара буолбатах, ол оннугар кини туттар күүһэ (Бытие 1:2; Апостоллар 2:18).
3. Ороһуоспа уонна Паасха. Иисус ахсынньы 25 күнүгэр төрөөбөтөҕө. Кини алтынньы 1 күнүн диэки төрөөбүтэ — бу дьыл кэмигэр бостууктар бэйэлэрин үөрдэрин кытта хонууга хоноллоро (Лука 2:8—12). Иисус хаһан даҕаны, бэйэтин төрөөбүт күнүн христианнар бырааһынньыктаатыннар диэн эппэтэҕэ. Төттөрүтүн, кини бэйэтин үөрэнээччилэригэр өлбүт күнүн бэлиэтииллэрин соруйбута (Лука 22:19, 20). Ороһуоспа уонна ороһуоспа үгэстэрин үөскээһинэ былыргы сымыйа итэҕэллэртэн төрүттээх. Паасха үгэстэрин үөскээһинэ эмиэ ол курдук буолар, холобур сымыыт кырааскалааһына уонна онно аналлаах килиэп буһарааһына. Бастакы христианнар Ороһуоспаны уонна Паасханы бырааһынньыктаабат этилэр, бүгүн эмиэ дьиҥнээх христианнар ону бэлиэтээбэттэр.
4. Төрөөбүт күннэр. Библияҕа икки эрэ төрөөбүт күн туһунан суруллар. Онно иккиэннэригэр Иеговаҕа сүгүрүйбэт дьон бырааһынньыктаабыттара (Бытие 40:20—22; Марк 6:21, 22, 24—27). Бастакы христианнар төрөөбүт күннэри бырааһынньыктаабат этилэр. Бу үгэс, былыргы сымыйа итэҕэллэртэн саҕаламмыта. Дьиҥнээх христианнар сыл устата бэйэ-бэйэлэригэр бэлэх оҥороллоруттан уонна кэпсэтэллэриттэн үөрэллэр.
5. Өлбүттэртэн куттаныы. Өлбүттэр тугу эмэ оҥорор да, билэр да кыахтара суох. Биһиги кинилэргэ сатаан көмөлөспөппүт, онтон кинилэр биһиэхэ куһаҕаны оҥорор кыахтара суох (Псалом 146:4; Экклезиаст 9:5, 10). Дууһа өлөн баран салгыы олорбот (Иезекииль 18:4). Ол гынан баран, өлбүттэр дууһаларын оннугар абааһылар, ол эбэтэр куһаҕан аанньаллар көстөллөр. Өлбүттэртэн куттанааһын уонна кинилэргэ сүгүрүйээһин үгэстэрэ — куһаҕаннар (Исаия 8:19).
6. Кириэс. Иисус кириэскэ өлбөтөҕө. Кини бэрэбинэҕэ, эбэтэр баҕанаҕа өлбүтэ. Библия үгүс тылбаастарыгар «кириэс» диэн тылбаастанар греческай тыл, бэрэбинэ диэн суолталаах. Кириэскэ итэҕэйээһин былыргы сымыйа итэҕэллэртэн саҕаламмыта. Бастакы христианнар кириэһи ытыктаабат уонна киниэхэ сүгүрүйбэт этилэр. Ол иһин толкуйдаан көр: кириэһи сүгүрүйүүгэ туттар сөп буолуо дуо? (Второзаконие 7:26; 1 Коринфяннарга 10:14).
7. Манна ааттаныллыбыт итэҕэллэртэн уонна үгэстэртэн аккаастанар олус ыарахан буолуон сөп. Баҕар, аймахтарыҥ уонна доҕотторуҥ бэйэҥ итэҕэлгин уларытыма диэн өйдөтө сатыахтара. Ол эрээри дьон санаатын буолбакка, Таҥара санаатын табар быдан улахан суолталаах (Притчи 29:25; Матфей 10:36, 36).
[Иллюстрация, страница 22]
Таҥара Троица буолбатах.
[Иллюстрация, страница 23]
Ороһуоспа уонна Паасха былыргы сымыйа итэҕэллэртэн үөскээбиттэр.
[Иллюстрация, страница 23]
Өлбүттэртэн куттанарга уонна кинилэргэ сүгүрүйэргэ туох да биричиинэ суох.