ЧАСТЬ 3
Ырайга олох хайдах этэй?
Иегова Адамнаах Еваҕа элбэх үчүгэйи биэрбитэ. Бытие 1:28
Иегова бастакы дьахтары, Еваны, айбыта уонна кинини ойох быһыытынан Адамҥа биэрбитэ (Марк 10:6—8).
Иегова дьону өй-санаа, эт-сиин өттүнэн итэҕэһэ суох гына айбыта.
Кинилэр олус кэрэ айылҕалаах Эдем диэн сиргэ олорбуттара. Дьиҥнээх Ырай манна баара. Ол сиргэ өрүс устара, астаах мастар үүнэллэрэ уонна араас кыыллар бааллара.
Иегова кинилэри кытта кэпсэтэрэ уонна үөрэтэрэ. Кинилэр Таҥараны истибиттэрэ буоллар, сиргэ баар Ырайга үйэлэр тухары олоруо этилэр.
Бытие 2:16, 17
Таҥара кинилэргэ биир мас аһын сииллэрин көҥүллээбэтэҕэ.Аанньаллартан биирдэстэрэ Таҥара утары барбыта. Ол куһаҕан санаалаах аанньал Сатана Дьявол диэн ааттаах.
Иегова Адамнаах Еваҕа сад иһигэр баар биир маһы көрдөрбүтэ. Уонна ол мас аһын сиэтэххитинэ өлүөххүт диэбитэ.
Сатана Адамнаах Ева Иегова тылын истэллэрин баҕарбат этэ. Ол иһин кини эриэн үөнү туһанан Еваҕа бу мас аһын сиэтэххитинэ өлүөххүт суоҕа, ол оннугар Таҥара курдук буолуоххут диэбитэ. Ол сымыйата биллэр этэ (Бытие 3:1—5; 1 Тимофейга 2:14).