Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс


Бу брошюраны хайдах туһаныахха сөбүй

Бу брошюраны хайдах туһаныахха сөбүй

Учууталы кытта үөрэтиҥ. Бу брошюраны биэрбит киһиттэн эһигини кытта Биибилийэни үөрэтэригэр көрдөһүҥ. Эбэтэр jw.org сайтка баар үөрэтии туһунан сайаапканы толоруҥ.

БАСТАКЫ ЧААҺА

Хас биирдии апсааһы, ону таһынан суон шрифт көмөтүнэн бэлиэтэммит ыйытыылары (А) уонна сүрүн санаалары тоһоҕолоон көрдөрөр Биибилийэ хоһооннорун (Б) ааҕыҥ. Сорох хоһооннор аттыларыгар «Ааҕыҥ» диэн бэлиэни болҕойон көрүҥ.

ИККИС ЧААҺА

«Дириҥник хасыһыҥ» диэн түһүмэх (В) этиилэрэ салгыы ырытарга угуйаллар. Бу кэрчиктэргэ (Г) учууталы кытта ырытарга анаан кылгас былааннар бааллар. Биибилийэ хоһооннорун ааҕыҥ, ыйытыыларга эппиэттээҥ уонна видеолары (Д) барытын көрүҥ.

Ойууларга уонна ол анныгар баар этиилэргэ (Е) болҕомтоҕутун ууруҥ. «Сорохтор этэллэр» диэн араамкаҕа (Ж) баар ыйытыыга хайдах эппиэттиир туһунан толкуйдааҥ.

ҮҺҮС ЧААҺА

«Сүрүн санаа» уонна «Хатылааһын» диэн араамкалар (З) үөрэппит матырыйаалы чиҥэтэргэ көмөлөһөллөр. Уруок бүттэҕинэ күнүн-дьылын суруйуҥ. «Мин сыалларым» диэн араамка (И) тугу билбиккитин олоххутугар туһанаргытыгар көмөлөһүө. «Эбии матырыйааллар» диэн араамкаттан (К) эбии ыстатыйалары уонна видеолары булуоххут.

Биибилийэ хоһооннорун хайдах булуохха сөбүй

Ссылкаҕа Биибилийэ кинигэтэ (А), баһа (Б) уонна хоһооно (эбэтэр хоһоонноро) (В) ыйыллыбыттар. Холобур, Иоанн 17:3 диэн Иоанн Евангелиетын 17-с баһын 3-с хоһоонун арыйар наадатын көрдөрөр.