Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

5 БАҺА

Аймахтары кытта хайдах өйдөһүөххэ сөбүй

Аймахтары кытта хайдах өйдөһүөххэ сөбүй

«Үтүө санааланыҥ, сэмэй, көрсүө, тулуурдаах буолуҥ» (Колоссяннарга 3:12).

Эр киһи уонна дьахтар холбостохторуна саҥа ыал буолаллар. Төрөппүтэргин төһө даҕаны таптыырыҥ, ытыктыырыҥ үрдүнэн, олоҕуҥ аргыһа эйиэхэ ордук чугас киһиннэн буолар. Ким эмэ эһиги аймахтаргытыттан ону ыараханнык ылыныан сөп. Ол эрээри саҥа ыал буоллаххытына, эһиэхэ Библия сүбэлэрэ аймахтаргытын кытта сөпкө сыһыаннаһаргытыгар көмөлөһүөхтэрэ.

1 АЙМАХТАРГЫТЫГАР СӨПКӨ СЫҺЫАННАҺЫҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Ийэлээх аҕаҕын ытыктаа» (Ефесяннарга 6:2). Эн төһө да саастаах буолларгын, төрөппүттэргин ытыктаа. Ол үрдүнэн кэргэниҥ ким эрэ кыыһа эбэтэр уола буолар, ол иһин кини бэйэтин төрөппүттэригэр болҕомтотун ууруохтааҕын өйдөө. «Таптал күнүүлээбэт», ол иһин бэйэҥ кэргэҥҥин кини төрөппүттэригэр күнүүлүүрүҥ сыыһа (1 Коринфяннарга 13:4, СД; Галаттарга 5:26).

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • «Эн төрөппүттэриҥ куруутун миигиттэн иҥнэллэр» эбэтэр «Эн ийэҥ санаатын киһи хаһан да таппат»,— диэн омуннаан саҥарбат буол

  • Кэргэниҥ олоҕу хайдах көрөрүн өйдүү сатаа

2 БЫҺААРЫНЫЫТА ЫЛЫНЫҤ УОННА ОНУ ТУТУҺУҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Киһи ийэлээх аҕатын хаалларан ойоҕор холбоһуо, оччоҕо иккиэн биир эт-хаан буолуохтара» (Матфей 19:5). Төрөппүттэргит ыал буолбуккутун да кэннэ, эһиги тускутугар эппиэтинэстээхпит дии сананыахтарын сөп. Ол иһин кинилэр эһиги дьиэ кэргэҥҥит олоҕор аһара орооһуохтарын сөп.

Төрөппүттэргит эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр төһө кыттыһар буолалларын кэргэҥҥин кытта быһаарыныҥ, уонна ол туһунан кинилэргэ үтүө быһыылаахтык өйдөтүҥ. Аһаҕастык уонна көнөтүк этэр хайаан даҕаны куруубайдыыр диэн буолбатах (Притчи 15:1). Эн куруутун көрсүө-сэмэй, тулуурдаах итиэннэ тапталлаах буоллаххына, аймахтары кытта үтүө сыһыаны олохтуургар көмөлөһүөхтэрэ (Ефесяннарга 4:2).

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Өскөтүн төрөппүттэргит эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр аһара орооһор буоллахтарына, ону кэргэҥҥин кытта кыыһырсыыта суох ырытыҥ

  • Тугу гынаргытын уонна хайдах быһыыланаргытын эрдэттэн сөбүлэһиҥ