8 БАҺА
Иэдээн буоллаҕына
«Араас ыарахаттартан быстах кэмҥэ эрэйдэнэр да эбит буоллаххытына, эһиги ол кэнэҕэс кэлэри өйдөөн-санаан үөрэр-көтөр буолуҥ» (1 Петр 1:6).
Эр-ойох сыһыаныгар уонна дьиэ кэргэн олоҕор дьоллоох буоларга, төһө да элбэҕи оҥороргут үрдүнэн, ардыгар олох эҥин-араас иэдээннэри аҕалан санааҕытын аймыан сөп (Экклезиаст 9:11). Ыарахаттар үөскээтэхтэринэ, Таҥара тапталлаахтык өйөбүл буолар. Салҕыы бу брошюраҕа суруллубут Библия сүбэлэрэ, эһиэхэ уонна чугас аймахтаргытыгар улахан иэдээни көрүстэххитинэ көмө буолуохтара.
1 ИЕГОВАҔА ЭРЭНИҤ
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Кини эһиги тускутугар кыһаллар, онон туох баар кыһалҕаҕытын барытын Киниэхэ сүктэриҥ» (1 Петр 5:7). Улахан эрэйгэ түбэспиккитигэр Таҥара буруйа суоҕун умнумаҥ (Иаков 1:13). Киниэхэ чугаһаатаххытына, эһиэхэ кимнээҕэр да ордук көмөлүөҕэ (Исаия 41:10). «Сүрэххит иһирэх тылын Киниэхэ иһитиннэриҥ» (Саалтыыр 61:9).
Күн аайы Библияны ааҕыы уонна үөрэтии санааҕытын чэпчэтиэ. Эһиги бэйэҕитинэн билиэххит, Иегова «эрэйгэ-муҥҥа түбэспит дьону... биһигини уоскутар, санаабытын бөҕөргөтөр» (2 Коринфяннарга 1:3, 4; Римляннарга 15:4). Таҥара эһиэхэ «хайа да бэйэлээх өй ситэн өйдөөбөт эйэтин» бэлэхтиэм диэн эрэннэрэр (Филиппиецтарга 4:6, 7, 13).
ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР
-
Холку быһыыгытын ону кытта сөпкө толкуйдуургутун ыһыктыбат туһугар, Иеговаттан үҥэн көрдөһүҥ
-
Тугу гыныахтааххытын бары өттүттэн дьүүллээҥ уонна сөп диэбиккитин талыҥ
2 БЭЙЭҔЭР УОННА ЧУГАСТААҔЫЛАРГАР КЫҺАЛЫН
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Өйдөөхтөр сүрэхтэрэ билиини ылынар, муударай кулгааҕа билиини көрдүүр» (Притчи 18:15). Туох буола турарын дьэҥкэтик өйдүүр туһугар, төһө кыалларынан элбэх информацияны була сатаа. Дьиэ кэргэҥҥит хас биирдиилэрэ туохха наадыйалларын билэ сатаа. Кинилэри кытары кэпсэт уонна сэҥээрэн, болҕойон иһит (Притчи 20:5).
Арай, биир эмит чугас киһигит олоҕо быһыннаҕына, хараастыбыт санааҕытын көрдөрөргүтүттэн кыбыстымаҥ. Бу курдук түгэҥҥэ оннооҕор «Иисус хараҕыттан уу-хаар баспыта» (Иоанн 11:35; Экклезиаст 3:4). Сөпкө сынньаныы уонна утуйар ууну ханыы улахан суолталааҕын умнумаҥ (Экклезиаст 4:6). Ол эһиэхэ кутурҕаны тулуйарга күүс- сэниэ биэриэ.
ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР
-
Дьиэ кэргэҥҥит иһигэр сылаас сыһыан ыарахан кэмҥэ өйөбүл төрүөтүнэн буолуо. Оччоҕо чугастааҕыларгыт эһигиттэн көмө көрдүүллэрэ чэпчэки буолуоҕа
-
Итиннэ майгынныыр ыарахаттары туораабыт дьону кытта сүбэлэһиҥ
3 КӨМӨТТӨН КИЭР ХАЙЫҺЫМАҤ
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Дьиҥнээх доҕор ханнык баҕар бириэмэҕэ таптыыр, күчүмэҕэй кэмҥэ төрөөбүт убай курдук» (Притчи 17:17). Доҕоттор хаһан баҕар үөрүүнү кытта көмөлөһүөхтэрин баҕарар эрээрилэр, ону сороҕор хайдах гыналларын билбэттэр. Туохха наадыйаргытын кинилэргэ кыбыстыбакка этиҥ (Притчи 12:25). Ону таһынан, Библияны дириҥник билэр дьонтон духуобунай өйөбүлү көрдөөҥ. Кинилэр Таҥара тылыттан үллэстибит санаалара эһиэхэ хайаан да көмөлөһүөҕэ (Иаков 5:14).
Таҥараҕа кытаанах итэҕэллээх, кини эрэннэриилэрин күүтэр дьону кытары тиһигин быспакка алтыһар буоллаххытына, сөптөөх өйөбүлү булуоххут. Кыһалҕаҕа түбэспит дьон санааларын көтөҕүҥ, оччоҕуна бэйэҕит уоскулаҥы булуоххут. Кинилэри кытта Иеговаҕа итэҕэлгитинэн үллэстиҥ уонна кини эрэннэриилэрин туһунан кэпсээҥ. Ыарахаттарга түбэспит атын дьоҥҥо көмөҕүтүн туһаайаргытыгар, бары күүскүтүн ууруҥ. Эһигини таптыыр, сыаналыыр дьоҥҥутуттан туора туттумаҥ (Притчи 18:1; 1 Коринфяннарга 15:58).
ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР
-
Истиҥ доҕоргутун кытта аһаҕастык кэпсэтиҥ уонна кини көмөтүттэн аккаастанымаҥ
-
Туохха наадыйаргытын этэргититтэн кыбыстымаҥ