Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

4 БАҺА

Үп-харчы боппуруоһун хайдах быһаарыахха сөбүй

Үп-харчы боппуруоһун хайдах быһаарыахха сөбүй

«Былааннар сүбэннэн олохтоноллор» (Притчи 20:18).

Дьиэ кэргэни барытынан хааччыйарга харчы наада (Притчи 30:8). Библия этэринэн, харчы хахха буолар (Экклезиаст 7:12). Кэргэнниилэргэ үп боппуруостарын ырытарга чэпчэкитэ суох буолуон сөп, ол эрээри харчыттан сылтаан сыһыаҥҥытын алдьатымаҥ (Ефесяннарга 4:32). Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэрин итэҕэйиэхтээхтэр, итиэннэ харчыны хайдах туттар туһунан иккиэн бииргэ сүбэлэһиэхтээхтэр.

1 БЮДЖЕККЫТЫН ОҤОСТУҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Эһигиттэн хайаҕыт эмэ башня туттуон баҕардаҕына, маҥнай олоро түһэн, тутуутун ситэрэригэр төһө үп барыахтааҕын суоттаныа суоҕа этэ дуо?» (Лука 14:28). Харчыны хайдах туттар туһунан иккиэн бииргэ сүбэлэһэргит улахан суолталаах (Амос 3:3). Дьиҥнээхтии туохха наадыйаргытын уонна төһөнү туттаргытын эрдэттэн кэпсэтиҥ (Притчи 31:16). Харчылаахпыт эрэ диэн тугу эмэ атыылаһартан туттунуҥ. Төһө кыалларынан иэскэ кииримэҥ. Кыаххытынан олоруҥ (Притчи 21:5; 22:7).

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Ый бүтүүтэ харчыгыт ордуннаҕына, ону хайдах дьаһанаргытын бииргэ быһаарыҥ

  • Өскөтүн бюджеккытыттан таҕыстаххытына ороскуоккутун хайдах аччатаргытын толкуйдааҥ. Баҕар бэлэм аһы атыыласпакка, дьиэҕитигэр ас астанарга быһаарыныаххыт

2 КЭПСЭТЭРГИТИГЭР ЧИЭҺИНЭЙ БУОЛУҤ УОННА ЭЛБЭҔИ КҮҮТҮМЭҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Баайгытын дуолгутун Иегова эрэ иннигэр буолбакка, дьон иннигэр эмиэ чиэһинэйдик» туттарга дьулуһуҥ (2 Коринфяннарга 8:21, СД). Кэргэҥҥиттэн төһөнү өлөрөргүн уонна барыыргын кистээмэ.

Үп-ас боппуруостарын быһаарарга кэргэҥҥин кытта хайаан да сүбэлэһэр буол (Притчи 13:10). Кэргэнниилэр харчы туһунан аһаҕастык кэпсэтэллэрэ эйэлээх буолалларыгар көмөлөһөр. Ылбыт хамнаскытын бэйэҕит киэнин курдук буолбакка, уопсай дохуот курдук көрүҥ (1 Тимофейга 5:8).

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Хас биирдиигит бэйэтин баҕатынан төһө харчыны туттарын эрдэттэн быһаарыныҥ

  • Харчы туһунан кэпсэтэргитигэр хаһан проблема үөскүүрүн кэтэһимэҥ