Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

4 ЫРЫА

«Айыы Тойон — мин Маныыһытым»

«Айыы Тойон — мин Маныыһытым»

(Саалтыыр 22)

  1. 1. Иегова — мин Маныыһытым.

    Кинини батыһабын.

    Мин эрэлбин, баҕа санаабын,

    Наадыйарбын билэҕин.

    Ыраас уулаах дуолга илдьэр,

    Өҥ мэччирэҥҥэ сирдиир,

    Нап-нарын эрэбил тапталынан,

    Чуумпу сиргэ сынньатар.

    Нарын эрэбил тапталынан

    Чуумпу сиргэ сынньатар.

  2. 2. Эн суолларыҥ кырдьыктаахтар,

    Эн тылыҥ сэргэхситэр.

    Куппун-сүрбүн бөҕөргөтөҕүн

    Бэйэҥ аатыҥ туһугар.

    Өлүү күлүктээх толооҥҥо

    Эн тайах маһыҥ быыһыа.

    Мин эрэнэбин, Таҥара, Доҕор,

    Эн миигинниин бииргэҕин.

    Эрэнэбин, Таҥара, Доҕор,

    Эн миигинниин бииргэҕин.

  3. 3. Иегова, мин Маныыһытым,

    Эйигин батыһабын.

    Миигин быыһыыгын, уоскутаҕын,

    Наадыйарбын биэрэҕин.

    Эн мэлдьи баар Таҥараҕын,

    Эйиэхэ эрэнэбин!

    Эн үтүө санааҥ, амарах быһыыҥ

    Үйэлэргэ буолуохтун.

    Үтүө санааҥ, амарах быһыыҥ

    Үйэлэргэ буолуохтун!

(Ону таһынан Саал. 27:9; 79:2 көрүҥ.)