43 ЫРЫА
Махтаныы ырыата
1. Эн иннигэр, Таҥара Иегова,
Ис сүрэхтэн туран махтанабыт.
Биһигини тиэргэҥҥэр киллэрбитиҥ,
Эн дьиэҕэр дьоллоохтук олоробут.
Аньыылаах буолан олус хомотобут —
Ааттаһабыт, Аҕаа, бырастыы гын.
Кыра-хара дьону эн аһынаҥҥын,
Толуйан ылбыккар махтанабыт.
2. Тапталгынан бэйэҕэр чугаһаттыҥ,
Көнө суолу көрдөрдүҥ, үөрэттиҥ.
Эн улуу ааккын билэн, Иегова,
Бэриниилээх, эрэллээх буолуохпут.
Махтанабыт тыыҥҥынан биэрбит күүскэр.
Эн сураххын хорсуннук кэпсиибит.
Көрсүө-сэмэй дьон үтүөҕүн билиэҕэ.
Махтаныахпыт үйэлэр тухары.
(Ону таһынан Саал. 64:3, 5, 12; Флп. 4:6 көрүҥ.)