80 ЫРЫА
«Билиҥ Айыы Тойон хайдахтаах үтүөтүн!»
1. Сулууспаны сыаналыыбыт,
Бириэмэни таах ыыппаппыт.
Аныыбыт Айыы Тойоммутугар
Туохтааҕар да күндүбүтүн.
ХОС ЫРЫАТА
Билиҥ кэлэҥҥит Айыы Тойон
Үтүмэннээх үтүөтүн!
Аар Таҥараҕа бэриниибит
Сүҥкэн барыһы биэрэр.
2. Үөрүүлээх үтүө сураҕы
Ис дууһаттан тарҕатаммыт
Дьиҥнээх дьол, үөрүү диэни билэммит
Үгүс дуоһуйуу ылыахпыт.
ХОС ЫРЫАТА
Билиҥ кэлэҥҥит Айыы Тойон
Үтүмэннээх үтүөтүн!
Аар Таҥараҕа бэриниибит
Сүҥкэн барыһы биэрэр.
(Ону таһынан Марк 14:8; Лука 21:2; 1 Тим. 1:12; 6:6 көрүҥ.)